Page 14 - Өлбөт сүппэт Өспөҕүм дьоно 1995
P. 14
Колхоз араас үлэтигзр сылдьан, 1943 с. от ыйын 1 күнүгэр армияҕа
ыҥырыллыбыт. Сулууснаттан босхолонон кэлэн иһэн, 1944 сыллаахха
аара суолга бьтстаран өлбүт. Аргыһа — Ильин Иван Павлович эбит.
КОНСТАНТИНОВ ИННОКЕНТИЙ л ь в о в и ч
1915 с. П-Өспөх нэһилиэгэр Чагдаайыга Хоту Алаас диэн сиргэ дьада-
ҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ, онон оскуолаҕа үөрэммэккэ хаалбыта. Кыратыт-
тан тимир ууһа дьоҕурдаах, аҕатын батыһа сылдьан көмөлөһөрө.
Доруобуйатынан молтөҕө, онон салайар үлэҕэ дьоҕурдааҕынан 1941 с.
ферма сэбиэдиссэйинэн анаабыттара. Онио 1943 сыл от ыйын 12 күнүгэр,
армияҕа барыар диэри үлэлээбитэ.
И-Читаҕа тиийэн биир сыл самолет ремонугар үлэлээбитэ. 1945 с.
босхолоноп кэлэн иһэп, ыалдьан госпитальга эмтэнэн, ыам ыйын бүтүүтэ
дойдутун булбута.
Кэлээт да эмиэ фермаҕа сэбиэдиссэйдээбитэ, онтон кэлин бэйэтэ да
Дьоҕурдааҕынан, тимир ууһунан, урукку колхоһугар “Чагдаайыга” да,
кэлин бөдөҥсүйбүт кэнцэ, Дыгдэалга тахсан да баран, өлүөр диэри уһам-
мыта. Наһаа холку, дьонугар-сэргэтигэр аламаҕай сыһыанпаах, чахчы
мындыр уус талааннаах Иннокентий Львович уһун ыарахан ыарыыттан
1954 с. өлбүтэ.
Кэргэнэ — Матрена Петровна, икки оҕолоро уонна сиэннэрэ Горнай
оройуонугар бааллар.
КОНСТАНТИНОВ АФАНАСИЙ САВВИЧ
1905 с. П-Өспөх нэһилиэгэр Чагдаайыга тороөбүтэ. Оскуолаҕа үөрэм-
мэккэ хаалбыта. Сытыары-сымнаҕас майгылаах Афанасий бэйэтигэр туһаай-
ыллыбыт үлэни үтүо суобастаахтык, лоп-бааччы толоругас этэ. 1943 с.
арми^ҕа ыҥырыллан, Манчжурия таһыгар Даурияҕа службалаабыга. Арадс
үлэҕэ сылдьыбыт. 1946 с. доруобуйата мөлтөөн, дойдутугар төннүбүтэ.
Арыычча өрүттээт, колхоһугар күүһэ кыайар үлэтигэр кыттыбытынан
барбыта. 1957 сыллааҕы сайын субай сүөһү бостуугунан Чалдаайы Илин
Хочотугар сайыл^ан олорон, эмискэ ыалдьан өлбүтэ.
КРИВОШАПКИН АФАНАСИЙ ЕГОРОВИЧ
1921 с. П-Өспөх нэһилиэгэр Чагдаайы Бэһигэр
дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Начаалынай оскуо-
ланы бүтэрэн баран, Дүпсүн сэттэ кылаастаах
оскуолатын алтыс кылааһын бүтэрбитэ. Оитон ыла
1943 сыл сайыныгар, армияҕа барыар диэри, би
ригэдьииринэп үлэлээбитэ.
Армияҕа Читаҕа тиийэн 332-с стрелконай пол-
каҕа сулууспалаан, фронт аһылыкка иаидыйыы-
тын хааччыйар үлэҕэ — хортуоппуйу үүннэрии-
гэ, көрүүгэ-харайыыга үлэлээбитэ.

