Page 164 - Неизвестное название
P. 164
одолор да, улэНиттэр да еттулэриттэн атадастанарбыт угус буолара. Настя адата - Киргиэлэй
Алексеев, ейунэн моНуогурар убайа - Миитэрэй-Саккай кэргэнин сугэнэн охсон эрдэдинэ, бурдук
кэлиилии туран, содох маНынан елуу тубэлтэлээх сунньугэ охсон, киНитэ елен хаалар. Онон хаайыыга
тубэНэн, штрафбакка баран, Москва анныгар елер. Настя содотох ийэдэ улаатар. Оскуолада киириэн
эрэ иннинэ ийэтэ иккиНии Суедэр Маркович Местниковка кэргэн тахсар. Кэлин оскуоланы бутэрэн,
икки сыл холкуоска улэлээн баран, Томскайдаады медицинскэй институту бутэрбитэ. Идэтинэн
Бородонунан, Ньурбанан улэлээн, пенсияда тахсан баран, олохтон барбыта. Содотох кыыНа Лена
фармацевт, ыал буолан, куоракка олорор, улэлиир.
ДьааНылада тоНо кэмнэ олорбуппут кэнниттэн эбитэ буолла, ус кыыНы биир кун тэлиэгэлээх
оду1унан Суотту детдомугар илдьээри бэлэмнээтилэр. Алексеева Варя, Андросова Муся уонна мин,
туох эрэ орон танаНын тиэйэн бараары хомунан эрдэхпитинэ, эдьиийим Маайа суурэн кэллэ: «Ийэбит
кэллэ, балтыбын ылабын», - диэн миигин тэлиэгэттэн гуйэрэи, илдьэ хаалла. Мин кыргыттары
кытары биир Тыымпа алаас одолоробут, ол иНии буолуо, миигиттэн туертуу сыл адалар, эдьиий
оностубут кыргыттарбын сайыйан, ытабыл беде буоллум.
Мин бу сылдьар кэммэр, улахан эдьиийим Ааныс Орто Эбэдэ уерэнэ сылдьан, аччык одо тымныйан,
бэйэтин уйуттуммат буолан сытарын, син-биир олор буолбут диэн, холкуос иччитэх дьиэтигэр
хаалларбыттар. Бэйэтэ кэпсээбэт этэ. Уопсайынан, одо сааспытыгар керсубут кыНалдабытын
хаНаи да кэпсэппэт этибит. Хас биирдиибит бэйэтигэр илдьэ сырыттахпыт. Ол курдук сыттадына,
Бородонтон боломуочунай Охлопков Афанасий Иванович (Кетех ХонооНой кэргэнэ, Дария Федоровна
Винокурова) беНуелэги кере сылдьыбыт. Онно арай иччитэх дьиэ туннугэр одо илиитэ костер
yhy. Ону бэлиэтии корон: «Итиннэ туох одото баарый?» — диэн тиийэн кербутэ, кыаммат буолбут
одо сытар уНу. Ону кетеден адалан, ыанньыксыттар дьиэлэригэр сытыаран, Алексеева Ирина
Дмитриевнада туттарбыт. Холкуос холбуур уутуттэн куннэ 1 лиитэрэ ууту оргутан иНэрдэргэ сорудах
биэрбит. Онтон кенен, туран, киНи буолар. Алтыс кылааНы бутэрээт, ийэтигэр кеме улэНит буолан,
оскуолаттан уурайан, колхуос улэНитэ буолар. Кэлин ыал буолан, икки уол одолонон, «Бочуот Знага»
орденнаах ыанньыксыт буолбута. Пенсияда тахсан баран, икки уолун одолорун корон баран, баара-
суода 62 сааНыгар олохтон барбыта.
Иккис эдьиийим Маайа тердуНу бутэрээт, эмиэ холкуос улэНитэ буолбута. Алданна балык
бултааНыныгар биир сыл улэлээбитэ. Холкуоска араас улэдэ сылдьан баран, ыанньыксытынан
' уНуннук улэлээн, пенсияда тахсыбыта. Ыал буолан, туерт одоломмута, одолорун ыал онортоон,
сиэннэрин корсон баран, 76 сааНын туоларыгар кун сириттэн барбыта.
УНус эдьиийим Роза одо эрдэдиттэн ыарыНах, иинэдэс этэ. Доруобуйатынан 10 кылаастан
оскуолаттан уурайбыта. Ыал буолбута да, одо хаалбатада. Баара-суода 26-гар олохтон барбыта.
Ийэбит балтараа сыл хаайыыга олорон, буруйа дакаастаммата диэн босхолонон кэлэн, биНигини
хомуйан, ыал буолабыт. Адабытын ыалдьа сытар киНини илдьибиттэрэ, хаайыы балыыНатыгар
уНаабакка, елбут этэ. БиНиги ийэбитин кытта барбыт дьон хаайыыга еленнер, ийэбит содотох кэлбит.
Тутуллубут кэмнэригэр уопустаан, иНиттэрин, дьиэлэрин малын, танастарын ылбыттар. Онон турар
бэйэбитинэн мунньустан, ийэбит дьаНаллаах буолан, сыыйа ас-танас кэмчи да буоллар, оччотооду
дьон сиэринэн олордохпут. «Уеттээх» ферматыгар ийэбит от тиэйээччинэн, хотон тас улэНитинэн
икки хас кыНын олорбуппут. Аны олорор дьиэбит оНодо - саха оНодо, онно маНын бэйэтэ кэрдэрэ.
Мин кини хаНан утуйарын, турарын билбэппин, еруу куну быНа содотох сылдьарым. Дьукаахтар
бэйэбит курдук, ас-танас суох ыаллара ыанньыксыттар - одонньоттор, эмээхситтэр. Оскуола одолоро
сарсыарда эрдэ уерэнэ бараллар, киэНэ хойут теннеллер. Уеттээхтэн елунньэхтээх хас километр
эбитэ буолла, онно кун аайы аччык, мелтех танастаах одолор уерэиэн муннаналлар. Эдьиийим
Ааныс Орто Эбэдэ уерэнэрэ. БиНигиттэн ураты атын ыаллар одолоро эмиэ ити курдук сылдьаллара.
Ол курдук, Пролетарий Пантилов, Ганя, Петр, Миша Винокуровтар, Вася Пестряков, Дуня, Паша
Алексеевалар.
Онтон кэлэр сылларга Сайылык Эбэдэ Тамарада (урут улахан аата ааттаммат буолара) субай
суеНугэ от тиэйээччи, хотон тас улэНитэ буолан олорбуппут. Оччолорго эдьиийдэрим уерэнэллэр.
Дьукаахтарбыт уларыйа сылдьар этилэрэ. Дьиэбит буор муоста, саха оНодо. СынаНа ороннордоох
саха баладана. КыНынны муус туннук, биир саас Настаака эмээхсин туос туннук тигэн туруорбуттара.
Дьиэдэ эр киНи суох. Барыта анардас дьахталлар. Биир кыНын Ньуку.^^;^(^-Дибдир одонньор сиэнэ
Ылдьаана Винокурова-Попова буолан, дьукаах олорбуттара. Ити саас Ылдьаана бииргэ тереебут
убайа Ыстапаан Винокуров хаайыыттан кэлбитэ. Сэрии бутуутэ саас-куНун Сайылык Эбэдэ трактор
164

