Page 89 - Неизвестное название
P. 89
елтеххе кыайыылаахтар эрэллэрэ, утумнааччылара
17 сааЬыттан холкуоЬун туруу улэЬитэ буолан, бу Орто дойдуттан барыар диэри алта уонтан тахса
сыл дойдутун туЬугар улэ бвдатун улэлээн кэллэдэ эбээт. ТуаЬун киэргэтэр араас надараадата
татым да буоллар, сэбиэскэй кэмнэ бэриллибит «Коммунистическай улэ ударнига» уонна сааЬыран
баран ылбыт «Саха Республикатын бочуоттаах ветерана» диэн бэлиэлэрдээх этэ. Онтон кэлин
Олтвх салалтата «Олтвх нэЬилиэгин бочуоттаах олохтоодун» аатын инэрбитэ да туоЬулуулларынан
биЬиги адабыт син дьон тэнэ улэлээн-хамсаан, олох олорон ааспыт эбит, биЬиги одолоро истинник
саныыбыт.
Адабыт бииргэ увскээбит кыыЬынаан Попова Анна Петровналыын алта одону тврвтвн иитэн, киЬи
онортооннор, одолор биЬиги кун бугунугэр диэри араас идэлэри ыламмыт, дойдубут, одолорбут,
дьоммут-сэргэбит туЬугар улэлии-хамсыы сылдьабыт. Дьоммут боростуой тыа ыала, саастарын
тухары кыра хамнастаах оробуочай дьон да буоллаллар, биЬигини одолорун бука барыбытын урдук
уврэди ыларбытыгар, ыал буолан, дьиэ-уот тэринэрбитигэр, сиэн одолору тэнитэрбитигэр, дьон тэнэ
олох суолун устун айанныырбытыгар кыахтарын барытын ууран туран, вйвбул, тирэх буолбуттарыгар
биЬиги махталбыт мунура суох улахан. Ийэбит одо сылдьан, эрдэ тулаайах хаалан, сэрии сылларыгар
эмиэ биир одо эрэйин, аччыктааЬынын толору кврсвн, эбиитин ол кэмнэ улэ бвдвтун улэлэЬэн,
сааЬа хапсар буолан, тыыл ветерана диэн аакка хабыллан, мэтээл ылбыта. Адабыт барахсан онуоха
оонньоон кулэр буолара, биир сыл хойутаан тврввммун, тыыл ветерана буолбатым, улэтин бадас
эйиигиттэн итэдэЬэ суоду улэлээбит буолуохтаахпын диэн.
Ахтыбычча эттэххэ, биЬиги адабыт сурдээх аЬыныгас этэ. Миэхэ одо сырыттахпына чопчу эппитэ:
«Тулаайахтары, кыамматтары олох атадастаабат буол», - диэн. Мин адам кэс тылын твЬв кыайарбынан
тутуЬа сатыыбын диэххэ. Адабыт лаппа бэйэтин кыанарын таЬынан, олус учугэй оЬуохайдьыт этэ.
Этэр тыллара ис-иЬиттэн иэйэн-куойан, орун-оннугар ууруллан, хомодойдук хомуллан, ойууланан-
бичиктэнэн, уу сууругурэрин курдук тохтообокко тврввн тахса туралларын дьиктиргиир этим. Кэлин,
арыый сааЬырыыта аны алгысчыт мааныта буолбута. Араас бэлиэ тугэннэртэн садалаан, нэЬилиэкпит
анал алгыстарын элбэди ыыппыта. Оскуолалар тутуулара буоллун, анал бырааЬынньыктар буоллунар.
Салалта кардвЬуулэрин быЬа гыммакка, куруутун вйвЬврв, кыттара. Оссв уврдэдинэ-квттвдунэ
олус учугэйдик аЬадас куолаЬынан ыллыыра. Дьэ, ол иЬин мин этэр этим, сэрии сылын одото
буолбатадын буоллар, ыллаан-туойан, дьиннээх талааннаргын ситэрэн арыйыахтаадын хаалбыт эбит,
диэн. Кырдьык, твЬвлввх элбэх оччотооду ыччат олох одо саастарыттан, уот сэрии ыар содулларын
туоратар улэлэргэ саастарын тухары улэлээн-хамсаан, уврэх-билии ситэ ылбаккалар, талааннарын,
дьодурдарын толорутук арыммакка хаалларбыттара буолуой? Ону бэйэлэрэ эрэ билэн аастахтара. Чэ,
ол да буоллар кинилэр тврвппут одолоро, эйэлээх халлаан анныгар кыЬалдата суох дьоллоох олоду
баччада диэри олоро сылдьарбытыттан, сэрии ыар сылларын одолоро буолбут тврвппуттэрбитигэр,
сиртэн халлаанна диэри махтаныах эрэ тустаахпыт, кинилэр олохторун салдаан, сайдыы суолун
тутаммыт, уунэ, чэчирии элбии туруохтаахпыт диэн санаанан кылгас ахтыыбын тумуктуубун.
Василий Васильевич Жирков, уола, «Зеленый рай»
ке^ердуунэн, сибэкки ууннэриитинэн дьарыктанар ИП салайааччыта,
ССРС спордун маастара.
Тохсуннъу 9 кунэ, 2022 с.
Жирков Савелий Николаевич
(1936-2004)
Жирков Савелий Николаевич - Уус-Алдан улууЬугар Олтвх нэЬилиэгэр Онньувскэ, ыам ыйын 15
кунугэр 1936 сыллаахха Жиркова Екатерина Васильевна уонна Жирков Николай Алексеевич дьиэ
кэргэннэригэр кун сирин кврбутэ. Бииргэ тврввбут убайдара Жирков Гаврил Николаевич, Ада дойду
Улуу сэриитигэр Берлиннэ тиийэ сэриилэЬэн, тыыннаах ордой кэлбит киЬи. Биир убайа Жирков
Николай Николаевич, эдьиийэ Жиркова (Охлопкова) Варвара Николаевна.
Савелий кыра одо сааЬыттан урукку одолор сиэрдэринэн холкуоска араас улэдэ улэлээбитэ,
сайынын от хомууругар, кыЬынын араас улэлэргэ. 1'960 сылларга дойдутугар, кураан туран, от
суох буолан, субай сувЬуну квЬвруугэ, сувЬу кврввччунэн ананан, Нам улууЬун, Тубэ нэЬилиэгэр
6а-162 85

