Page 130 - Өнөрдөр Аҕа дойду сэриитигэр. I чааһа
P. 130

ПРОКОПИЙ АНДРЕЕВИЧ ЛУКАЧЕВСКАЙ-Бииккэ
                             Өндөрөй улахан уола

            1907  сыллаахха  Өнөр  нэһилиэгэр  төрөөбүт.  Аҕата  Лука-
        чевскай  Андрей  Григорьевич-Бииккэ  икки  кэргэниттэн  элбэх
        оҕоломмут.  Кэлэдимэ  алааска  олорбуттар.  Прокопий ликбезкэ
        үөрэммит.  Маҥнай  «Саҥа  хардыы»  колхуоска  киирбит,  кэлин
        «Кыһыл  кыһа»  холкуостааҕа  буолбут.  Бэйэтэ  улахан  талаан-
        наах  мас  ууһа  эбит.  Бороҕоҥҥо  промкомбинат  тэриллибити-
        гэр,  онно киирэн рлэлээбит.  Оройуон киинин маҕаһыыннарын
        витриналарын  оҥорбута  хойукка  диэри  турбуттар.  Бороҕоҥҥо
        бииргэ  рлэлээбит  кырдьаҕастара:  «Улахан  уус  киһи  этэ»,  -
        диэн ахталлара.
             1941 сыллаахха маҥнайгы хомуурга сэриигэ барарга бэбиэскэ ту-
        тан,  Бороҕонтон армияҕа барбьҥ. «Память» кинигэҕэ сурулларынан,
         163-с  стрелковай  полкаҕа  сылдьан  сэриилэспит.  1942  сыллаахха
        кулун  тутар  3  күнүгэр  МСБ-94  (мобилизационнай  санитарнай  ба-
        тальон)  сытан  өлбүт.  Ленинградскай  уобалас  сиригэр  көмүллүбүт.
         Кэргэнэ, оҕото суох.  («Память» кинигэ I тома, 224стр.,Л-191.)
                 СЕМЕН ПРОКОПЬЕВИЧ ЛУКАЧЕВСКАЙ
             Өнөр  нэһилиэгэр  1912  сыллаахха  төрөөбүт.  Аҕата  Прокопий
         Григорьевич Лукачевскай-Атаҕа суох.  Кэлэдимэ Арҕаа Тумуһаҕар
        дьиэ тутган дьадаҥытык  олорбуттар.  Сэмэн  бииргэ төрөөбүттэрэ
         Егор  Прокопьевич  Лукачевскай,  Анна  Прокопьевна  Дорофеева
         (Николай  Григорьевич Дорофеев кэргэнэ)  диэннэр.
             Сэмэн оскуолаҕа  рөрэммэтэх,  рөрэҕэ суох.  «Кыһыл кыһа»,
         кэлин  Чкалов  аатынан  колхуостарга  хонуу  араас  рлэлэ-
         рин  толорбут.  Стахановец.  Бэйэтэ  бөҕө-таҕа  көрүҥнээх  ула-
         хан  киһи  эбитэ  рһр.  Илиитинэн  балай  эмит  кыаллар  модьу
         киһинэн  ааҕыллара.  «Дүпсүн  таҥаратын  дьиэтин  куолакалын
         көтөхпүтэ»,  -  диэн оччолорго кэпсээн баара  рһр.  Ол төһө ый-
         ааһыннааҕа  биллибэт.
             1942  сыллаахха сэриигэ барарга бэбиэскэ туппут.  «1943 с.  ах-
         сынньыга  сэриигэ  өлбүт»  диэн  «Память»  кинигэҕэ  суруллубут.
         Көмүллүбүт сирэ биллибэт.  Кэргэнэ,  оҕото суох.  («Память» кинигэ
         III тома,  192 стр., Л-205.)



                                       126
   125   126   127   128   129   130   131   132   133   134   135