Page 134 - Өнөрдөр Аҕа дойду сэриитигэр. I чааһа
P. 134
«1943 сыллаахха сэриилэһэ сылдьан өлбүт» диэн «Память» кини-
гэҕэ суруллубут. Көмүллүбүт сирэ биллибэт. Кэргэнэ, оҕото суох.
(«Псшять» кинигэ // тома, 175 стр., С-1992.)
ЕГОР ВАСИЛЬЕВИЧ
СЫРОВАТСКАЙ-Чоочо
1919 сыллаахха Өнөр нэһилиэгэр
төрөөбүт. Төрөппүт ийэтэ - Аграфена
Матвеевна Сыроватская. Егор (Чоочо)
тастыҥ убайыгар Алексей Васильевич
Сыроватскайга иитиллибит. Алексей кэр-
гэнэ — Мария Иннокентьевна Атласо-
ва-Сыроватская (Тэтиэс кыыһа) диэн этэ.
Бу ыалга иитиллэн улааппыт.
Егор Бөрөлөөх оскуолатыгар киирэн
үөрэммит. «Бөрөлөөххө рөрэнэригэр сүрдээх сымса, халбархай
тустуук этэ», — диэн кырдьаҕастар ахталлара. Бороҕон 7 кылаас-
таах оскуолатын бүтэрбит. Комсомол чилиэнэ. 1940 сыллаах-
ха Финляндия сэриитигэр тылланан баран иһэн, Эйэ дуогабара
түһэрсиллэн төннүбүт.
1942 сыллаахха Мэҥэ-Хаҥалас военкоматынан сэриигэ ба-
рарга бэбиэскэлэммит. «1943 с. сэриигэ өлбүт» диэн «Память»
кинигэҕэ суруллубут. Көмүллүбүт сирэ биллибэт. Кэргэнэ, оҕото
суох. («Память» кинигэ II тома, 274 стр., С-346.)
ИННОКЕНТИЙ ВАСИЛЬЕВИЧ СЫРОВАТСКАЙ
Өнөр нэһилиэгэр Тайҕараҕа 1920 сыллаахха төрөөбүт. Аҕата
Василий Герасимович, ийэтэ Варвара Михайловна Сыроватскай-
дар - дьадаҥы олохтоох ыал. Төрөппүттэрэ эрдэ өлбүттэр. Инно-
кентий кыра рөрэхтээх. «Кыһыл кыһа» холкуоска киирбит. Кэлин
Чкалов аатынан холкуос чилиэнэ буолбута.
Сэриигэ 1942 сыллаахха Чурапчы военкоматынан ыҥырыл-
лыбыт. «1943 сыллаахха сэриилэһэ сылдьан өлбүт» диэн «Память»
кинигэҕэ суруллубут. Көмүллүбүт сирэ биллибэт.
Кэргэнэ, оҕото суох. Балтыттан Мария Герасимовна Сыро-
ватскаяттан биир уол баар - Иннокентий Васильевич Сыроват-
скай Майаҕас бөһүөлэгэр олорор, кэргэннээх, икки оҕолоох. («Па-
мять» кинигэ Птома, 175стр., С-1996.)
130

