Page 43 - Нэһилиэк төһүү дьоно
P. 43
орто уҥуохтаах эр бэрдэ киһи этэ. Чараҥай, Дүпсүн оскуолала-
рын бүтэрэн баран, учууталлар кылгас куурустарыгар үөрэммитэ.
Тыаҕа тахсан оскуолаҕа физкультура учууталынан үлэлээбитэ.
Үүнэн иһэр үөрэхтээх киһини сотору колхуос бэрэссэдээтэлинэн
талбыттара. Онтон сэрии буолан, бастакы хомуурга, атырдьах
ыйыгар, бэйэтэтылланан барбыта. Дьэ ол айыытаонон, уугатаа-
һы бырахпыттыы сүппүтэ. Ити ыар сүтүк Баһылай олоҕун устата
эрийэр-мускуйар. Сааһырдаҕын ахсын «аны убайбын түүлбэр да
көрсүбэт киһи буоллум» диэн санааттан дууһата ыалдьар.
«Сэрии туһунан ахтыыта оҥор», — диэбиттэригэр, убайын ту-
һунан ахтыы оҥорбута. Туох диэбитэ буолла, өйдөөбүтэ хараҕын
уута икки иэдэһинэн сүүрэр этэ. Устунан бөтө бэрдэрэн тохтоон
хаалбыта. «Арааһа, кырдьаммын мөлтөөн иһэбин», — диэн бэйэ-
тигэр бэйэтэ түмүк оҥостубута.
Ити курдук саныы-саныы Баһылай эрдэ сытта. Сыттыгар
төбөтүн уураатын кытта туох эрэ кинини көһүппүттүү чэпчэки
баҕайытык кууһан ылла уонна ханна эрэ түү курдук тутан илдьэ
барда. Онтон биирдэ ойдөөбүтэ — Араҥас алааска бэйэлээх бэйэ-
тин балаҕаныгар баар эбит. Дьиэ иһэ барыта уруккутунуу: иһит-
хомуос, остуол, орон, таҥас-сап, ас-үөл барытаоҕоэрдэҕинээҕи-
тин курдук. Дьиэҕэ ким да суоҕун иһин, тоҕо эрэ ньир-бараан
курдук. Ол олордоҕуна таһыттан синиэллээх, саппыкылаах, фу-
ражкалаах, эписиэр формалаах байыаннай киһи киирэн кэллэ.
Дорооболосто. Баһылай тыа киһитин сиэринэн киирбит киһини
сирийэн көроот, убайа буоларын биллэ. Таһыттан киирбит киһи
эдэр,эрчимнээхтуттуунандьиэиһинэргиччи көрдөуонна Баһы-
лайы сүрдээх болҕомтолоохтук, мунаахсыйбыттыы көрөн тур-
бахтаан баран ыйытта:
— Бээрэ, бу эн кимҥиний, Баһылайгын дуо?
— Убаай, бу мин Баһылайбын эбээт. Дьол диэн баар эбит, эйи-
гин көрсөр күннээх эбиппин. Алта уон биэс сылы быһа бу куну кууп-
путум, - инньэдиэт ахтыбыттыы убайыгар сабатүһэн, сыллаан-
уураан барда. Ахтыспыт дьон бастакы уохтара тахсыыта убайа:
— Дьэ, Баһылай, эйигин, кырдьыгынан эттэхпинэ, билбэтим ээ,
баттаҕа суох, тараҕай буолбут, ырыган көруҥнээх киһини көруөм
эрэ дии санаабатаҕым. Бу дьоммут тоҕо суохтарый? Мин Дуун-
нъам ?
— Дьэ, убаай, саас-сааһынан кэпсиирбин иһит. Эн уруккуҥ кур-

