Page 58 - Тыыннаахтар олох олорор аналлаахатр
P. 58

тон бардахпына баларбын бэйэбин  кытта илдьэ барыам»,  —
      диэбит тыллара олус курустук иһиллибитэ...
         Икки  атах  туманнырбыт  өйө,  иҥсэ-соллоҥ  санаа,  киһи
       киһини кулут-чаҕар оҥостор баҕата сэрии алдьархайын тар-
      таҕа.  Онно  хас  эмэ  мөлүйүөнүнэн  боростуой  дьон  курдук
      Александралаах  Арамаан  туох  буруйдаах  буолаахтыахтара
       баарай!..  Арай  оччолорго  «Дьылҕабыт маннык эбит буолла-
       ҕа!» дэстэхтэрэ...
         Олоххо тардыһыы күүстээх.
         1945  сыл  Кыайыы  сааһа  буолбута.  Сэриигэ  барбыт  буо-
       йуннар  үксүлэрэ  кыргыһыы  хааннаах  хонуутугар  хаалбыт-
      тара.  Тыыннаах  ордубуттар  араас  баас-үүт  ыланнар  эр-
       гиллибиттэрэ.  Үгүстэр  тоһө  даҕаны  киһи  аҥаара  буолан
      эргилиннэллэр үлэ үөһүгэр түһүспүтүнэн барбыттара. «Мин
      хааммын  тохпутум»  диэн  түөһүн  тоҥсунар,  үлэлээбэккэ
      мээнэ сылдьар  киһи суох буолара.
         Сэрии оспот ыар,  сырҕан  бааһынан  Саха сирин алааста-
      рынан,  үрэхтэринэн тулаайахтар,  огдооболор  элбээһиннэрэ
      этэ.  Эдэркээн Өлөксөөндүрэ «Сураҕа суох сүппүт»  киһитин
      күүтэр  күүһэ  өһүллүбүтэ.  Кулгааҕар  кэргэнин  тиһэх  тыл-
      лара  өрүү  иһиллэ  тураллара:  «Энтш-дьүһүн  буоллахпына,
      соҕотоҕун сылдьымаар, олоххун оҥостоор...»
         Олоххо  тардыһыы  күүстээх!  Тыыннаахтар  олох  олорор
      аналлаахтар!  Өлоксөондүрэ  1946 сыллаахха уол  оҕоломмута.
      Уолун  өлбүт  сурдьун  аатынан  Хабырыыс  диэн  ааттаабыта.
      «Аны  баҕар  кыыстанаайамый»...  —  диэн  иккистээн  оҕоло-
      норго  быһаарыммыта.  Ити  эрээри  Иэйэхсит  ийэ  хотун
      Өлөксөондүрэҕэ  эмиэ  уолу  бэлэхтээбитэ.  Бу  уолугар  эдэр
      ийэ  сэриигэ  баран  суорума  суолламмыт  кэргэнин  аатын
      биэрэн  Рома  дэттэрбитэ.  Ити  саҕана  эдэр  дьахтары  кытта
      олохторун  холбуохтарын  баҕарааччылар  бааллара  даҕаны,
      Өлөксөөндүрэ  буолумматаҕа.  Ииппит  балта  Клара,  уолат-
      тара  Ганя,  Рома  уонна  бэйэтэ  буоланнар  ньир-бааччы  ыал
      буола  түспүттэрэ.  Биллэн  турар,  кыра  хамнастаах  соҕотох
      дьахтарга үс оҕону атахтарыгар туруорар ыарахан  этэ. Алек-
      сандра Федоровна ону ол диэбэтэҕэ, төһө даҕаны  кырыым-
      чыктык олордоллор, оҕолорун атын дьон оҕолоруттан итэҕэс
      туппатаҕа.  Балта — ииппит кыыһа Клара билигин Верхоян-
      скай улууһугар олорор.  Биэс  оҕолоох,  сэттэ  сиэннээх.  Ганя
      оҕолоро төрдүөн үрдүк үорэххэ үөрэнэллэр, биир сиэннээх.
      Ганя  Үрүҥ  Хайа  Кэбэргэнэтигэр  олохсуйда.  Роман  ийэти-
      нээн дойдуларыгар манна Бороҕоҥн о олороллор.
   53   54   55   56   57   58   59   60   61   62   63