Page 5 - Умнуллубат ол сыллар.. 2012 М.А
P. 5
КИИРИИТЫЛ
Сэрии, сут-кураан сылларыгар утуйар ууну умнан,
аччык аас-туор олоҕу олорон, улахан дъоннуун тэбис-
тэҥнэ улэ ыараханынуу-ньулдъаҕай санныларыгар сук-
пут уончалаах оҕолор билигин «Тыыл бэшэрээнэ» буолан
олороллор, сылтан-сыл аҕыйаан, көҕурээн иһээхтиил-
лэр. Билигин Туулээх нэһилиэгэр биир да сэрии бэтэрээнэ
ордубата.
Мин 2000 сыллар саҕаланыыларыгар Туулээх нэһи-
лиэгин бэтэрээннэрин Советын салайа олорон, кулуубум
улэтигэр туһаныам диэн санааттан, оччолорго баар
кырдъаҕастарбыттан ол ооннъооботох оҕо саастарын
туһунан ахтыыларын суруйалларыгар көрдөспутум.
Барахсаттарым, ким бэйэтэ суруйан, ким оҕолоругар
суруйтаран, 2004сыл сааһыгар ахтыылара бэлэм буол-
бута.
Билигин оччолорго ахтыы суруйбут утуө-мааны
кырдьаҕастарым сыл аайы көҕурээн иһэллэриттэн,
|| кинилэр ыар сыллардааҕы олохторун оҕолоро, сиэннэрэ,
| эдэр көлуөнэ дъон биллиннэр диэн санааттан, бу дъоҕус
кинигэни бэчээккэ бэлэмнээтим.
Ахтыылар бары 2004 сылынан таҕыстылар.
Мария Афанасьевна ИВАНОВА,
Туулээхтээҕи норуот айымньытын
дьиэтин методиһа,
СР культуратын туйгуна.

