Page 17 - Тролукова.indd
P. 17

МИН ДОЙДУМ, МИН ДУОЛУМ




                       ОЛОҤХО ОМУННААХ ДОЙДУТА

                         Олоҥхо омуннаах дойдута
                         Үйэттэн үйэни уҥуордаан
                         Тыл баайын, кэрэтин, дьиктитин
                         Эһиэхэ бэлэхтии уунна^а.

                         Ү°һээҥҥи халлааҥҥа айыылар,
                         Ортоку - сир дьоно, иччилэр,
                         Аллараа - аар-татай абааһы
                         Тү°лбэлээн олорор эбиттэр.

                         Адьарай абааһы уола хаан
                         Сирэм сир Айыы-Куо кыысчаанын
                         Уораары, былдьаары, талаары
                         Хараҥа хаспахтан оронор.

                         Кэрэ кыыс уолуйуон иннинэ
                         Суһуо^ар хатана түһээтин,
                         Сулбурус-илбирис хамсанан
                         Аллараа дойдуга тимирдэр.

                         Ол кэмҥэ бухатыыр уоламмыт
                         Куйа^ын, батаһын бэлэмнээн,
                         Дь°һ°г°й үтү°түн ыҥыырдаан
                         Быыһаары айаҥҥа турунар.

                         Айыы сир аартыгын уҥуордаан,
                         Аргыардаах дайдыга үктэнэн
                         Уоруйах аар-дьаалы, ба^адьы
                         Сур суолун сонордоон батыһар.


                                          15
   12   13   14   15   16   17   18   19   20   21   22