Page 34 - Тролукова.indd
P. 34
САХАМ ТЫЛА БАРАХСАН
Сааскылыы саймаарыйар,
Сайыҥҥылыы сандаарар,
Күһүҥҥүлүү күндүлүүр,
Кыһыҥҥылыы кылбаарар
Сахам тыла барахсан!
Оһуор тэҥэ сиэдэрэй,
Кымыс курдук хабархай,
Ньаассын оттуу ньылбаархай,
Байвал курдук киэҥ далай
Сахам тыла барахсан!
Олоҥхолуу омуннаах,
Оһуохайдыы оттомноох,
Чабырвахтыы кымньыылаах,
Өс хоһооннуу оттомноох
Сахам тыла барахсан!
Ааспыт үйэ үгэһин,
Үүнэр кэскил сайдыытын,
Сахам сирин оловун
Аан дойдуга сырдатар
Т°рүт тылым барахсан!
19.10. 2023
32

