Page 39 - Тролукова.indd
P. 39
ИйЭ ЫРА САНААТА
Ийэ... ийэ барахсан!
Иитиэхтээбит чыычаа^ын
Иэйиилээхтик да таптаан,
Истиҥник °рүү ахтан
Иһирэх сай санаатын
Ис сүрэхтэн тириэрдэр:
“О$ом, сайдыы суолунан
Олох уустук аартыгын
Очурдарын туорааҥҥын,
Оҥкул суолгун тобулан,
О^о-уруу тэринэн
Оттомноохтук оҥоһун!
Кыыһым, уолум - мин о$ом,
Кэнчээри ыччаттаргын
К°р°н-истэн, бү°бэйдээн,
К°н° суолга тиксэрэн
Кэскиллээх олох т°рд°
Кэҥии турдун бу сиргэ!»
16.10.2022
37

