Page 60 - Сахаайа Ермолаева Тымтык күн
P. 60

*  *  *
        Үс уол уулуссаҕа көрсөллөр.
        Бастакы уол этэр:
        —  Мин  аҕам  күүстээх,  тоҕо  диэтэххэ  кини  эһэ  этин
     сиир.
        —  Оттон  мин  аҕам,  —  диир  иккис  уол,  —  үчүгэйдик
     харбыыр,  балыгы сиир.
        —  Мин  аҕам  витамин  бөҕөтүн  сиир,  — диир  үһүс уол
     Ол иһин өйдөөх!
                                 * * *
        —  Эн тоҕо ытыыгын?
        —  Мин ытаабаппын, харахтарым ытыыллар.
                                 * * *
        — Тоҕо бөрөлөр сиикэй эти сииллэрий? — диэн ыйытар
     биэстээх Дима.
        — Кинилэр астанар, буһарар иһиттэрэ суох — хоруйдуур
     эдьиийэ.
                                 * * *
        —  Ийээ,  ити дьээдьэ төбөтүгэр биир да баттах суох!
        — Аргыый саҥар,  истиэ!  Өһүргэниэ!
        —  Кырдьыгы этэри сөбүлээбэт дуо?!
                                 * * *
        Оонньуур  маҕаһыыныгар  уолчаан  киирэн  баран  оон-
     ньуур массыынаны хоруопкаҕа угалларыгар көрдөһөр.  Сы-
     мыйа харчыны ууммутугар,  кассир күлэр.
        —  Тоҕо  күлэҕин?  —  өйдөөбөт уолчаан,  —  бу массыына
     эмиэ дьиҥнээх буолбатах дуо?
                                 * * *
        —  Бастакы  киһи  хайдах  баар  буолбутай?  —  эбэтиттэн
     ыйытар  Коля  уол.  —  Кини  ийэтэ  да,  аҕата  да  суох  этэ
     буоллаҕа...
        —  Ол  кэмҥэ  ийэлээх  аҕата  тыаҕа  бултуу  сылдьыбыт-
     тар.
                                 * * *
        Дьиэ аанын иннигэр кыракый уолчаан олорор.
        Киниэхэ биир киһи кэлэн ыйытар:
        — Аҕаҥ дьиэтигэр дуо?
     58
   55   56   57   58   59   60   61   62   63   64   65