Page 38 - Уус-Алдан 2006
P. 38

Геройдар  Күннэрин  "Геройдуу үлэни  —  Геройдар  күннэригэр" девиз-
       тээх  ыытыллыаҕа.  Геройдар  күннэрин  көрсө  оҕо  тэрилтэлэринэн,  үлэ
       коллективтарынан, түөлбэлэринэн  Геройдар олохторун, хорсун быһыыла-
       рын  туһунан  кылаас  чаастара,  библиотекаҕа,  музейдарга  анал  уруоктар,
       бэсиэдэлэр,  быыстапкалар тэриллиэхтэрэ.  Геройдар  Күннэрин  нэһилиэк-
       тэргэ тэрээһиннэрэ үлэ бырааһынньыгын быһыытынан  эрдэттэн былаан-
       нанан  барыаҕа.  Нэһилиэктэр  баһылыктара,  тэрилтэлэр  салайааччылара
       үлэҕэ  дьону  аттаран,  техниканы  сыһыаран  үлэ  үрдүк таһаарыылаах  буо-
       луутун хааччыйыахтаахтар,  үлэ түмүктэрэ таһаарыллан,  бастыҥнар бэлиэ-
       тэнэн,  сыл  ахсын  түмүктэнэн,  Геройдар  күннэрин  летопиһа  аһыллан,
       улуус  кыраайы  үерэтэр  музейыгар  туттарыллыахтаах.  Геройдар  күннэрин
       түмүгүн  Геройдар  Аллеяларыгар  үөрүүлээх  быһыыга-майгыга  тэрийиэх-
       пит.
          Геройдар  Аллеяларыгар  нэһилиэнньэ  үөрүүлээх  күннэригэр,  оскуола
       выпускниктара  бүтэһик  чуорааҥҥа,  выпускниктар  баалларыгар,  Улуу
       Кыайыы  бырааһынньыгар  анал  сылдьыыны  тэрийэн,  улуус  нэһилиэн-
       ньэтинэн  ытыктанар  өйдөбүнньүк  миэстэтинэн  Геройдар  Аллеяларын
       олохтоон,  көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ  иитэр суолтатын  үрдэтиэҕиҥ.
          Геройдар  Күннэрин  ыытыыны  олохтоох  бэйэни  салайыныы  усулуо-
       буйатыгар нэһилиэнньэ ис кыаҕын туһаныыга, активноһын  үрдэтиигэ ти-
       рэх  оностон,  нэһилиэктэрдээҕи  олохтоох  бэйэни  салайыныы  органнара
       миэстэҕэ  тэрээһиннээхтик,  ситиһиилээхтик  ыытыахтара,  нэһилиэнньэ
       бары  араҥатын  түмүөхтэрэ,  Геройдарбытыттан  сана  үлэ  геройдарын  ии-
       тэн  таһаарыыга дьулуурбутун  көрдөрүөхтэрэ диэн  эрэнэбит.  Социалисти-
       ческай  Үлэ  Геройа,  чулуу  ыанньыксыт  А.С.  Копырина  "Түмсүүлээх,
       үлэҕэ  көхтөөх буолуҥ!" диэн этиигэ биһигини  инники  сайдыыга эрэллээх
       буолууга,  кэскиллээх  үлэҕэ  кынаттыыр.
          Геройдуу  үлэни  —  Геройдар  күннэригэр!
                                                           И.В.  БОЧКАРЕВ,
                                              "Уус-Алдан  улууһа"  олохтоох  бэйэни
                                                 салайыныы  оройуонун  баһылыга
                  ГЕРОЙДАР  КҮННЭРИН  ТЭРИЙИИ  ТУҺУНАН

          2005  сылга  улууска  сэрии,  үлэ  8  Геройдарыгар  аналлаах  Геройдар Ал-
       леялара  тутуллубута.  Гражданскай  сэрии  Геройа  Г.В.  Егоров,  Аҕа  дойду
       Улуу  сэриитин  Геройа  В.Д.  Лонгинов,  Россия  Геройа  М.М.  Стрекалов-
       скай,  Социалистическай  Үлэ  Геройдара  Е.И.  Бурцева,  А.С.  Копырина,
        Үлэ Албан  Аатын  орденын  толору кавалердара  М.Н.  Готовцев,  Н.Д.  Бур-
       нашев,  Үлэ  Геройа  Д.Г.  Бурцев  бронзаттан  кутуллубут  памятниктара  ту-
       руорулуннулар.  Уус-Алдантан  төрүттээх  биһиги  8  Геройдарбыт  төрөөбүт
       дойдуга бэриниилээх буолууну бэйэлэрин сэрии толоонугар уһулуччу хор­
       сун  быһыыларынан,  бэйэни  харыстаммат  чаҕылхай  үлэҕэ  ситиһиилэри-
       нэн  кэнчээри  ыччаты  патриотическай  тыыҥҥа,  ситиһиилээх  үлэҕэ
       иитэллэр.  Улуус  нэһилиэнньэтэ  Геройдар  Аллеяларын  тутууга  1253  тыһ.
       солк.  биэрбитэ.
          Геройдар  күннэрин  ыытыыны  олохтоох  бэйэни  салайыныы  усулуо-

       3 4
   33   34   35   36   37   38   39   40   41   42   43