Page 3 - хоро нэьилиэгин
P. 3

Киирии тыл.


              Хоролор  тустарынан  Саха  историческай  фольклоругар  Саха  кимтэн
         кииннээх,  хантан  хааннаах  норуот  буоларын  быһаарар  араас  гипотезаны
         оҥорор  научнай  үлэлэргэ  бааллар.             Хоро  ууһа,  Хоро  нэьилиэгэ,  Хоро

         дойдута,  Хоро  сирэ  диэн  өйдөбуллэри,  этиилэри  ордук  Саха  омук
         соҕурууттан  төрүттээх  этэ  диэн  концепцияҕа  олоҕурар  этнографическай,

         историческай улэлэргэ булан ааҕыахха сөп.

           Норуот  былыргы  сэһэнигэр,  үһүйээннэригэр  олоҕурар  буоллахха,  Саха

         сиринээҕи  Хоролор  барыларын  легендарнай  төрүттэрэ  Улуу  Хоро  диэн
         ааттаах  киһи  баар  буола  сылдьыбыт  эбит.  Кини  олус  өрдөөҕү,  суругунан
         история      көмөтүнэн       кыайан  чуолкайдаммат,             олохтоох      поэтическай
         легендаларга,  үһүйээннэргэ  киллэриллибит  киһи.  Кини  туһунан  кэпсэнэр

         үһүйээннэртэн биир үһүйээни ылан корор эбит буоллахха маннык:

              Сүүрүк  оҕустаах,  элбэх  сылгы,  ынах  сүөһүлээх,  уруу,  аймах

         дьоннордоох, ыччаттаах Улуу Хоро диэн ааттаах киһи илин диэкиттэн Амма,
         Таатта үрэхтэргэ, Алдан өрүскэ аат биэртэлээн, Мүрүгэ кэлэн сөбүлүү корон
         тохтообут.  Олохсуйарга санаммыт.  Кини  сүүрүк оҕуһун көлүйэн буолбакка,

         миинэн  кэлбит.  Бу  маннык  варианнар  хас  сэһэн  аайы  уларыйбакка
         хатыланаллар.

              Билиҥҥи XXI үйэ  үүнэн турар  кэмигэр  Саха Республикатыгар  уопсайа

         түөрт  улууска  Хоро  диэн  ааттаах  нэһилиэктэр  бааллар.  Бу  улуустар
         географическай  балаһыанньаларынан  бэйэ  бэйэлэриттэн  балай  эмэ  ыраах-
         ыраах  сыталлар.  Кинилэр  бары  саха  төрдө  буолбут  Улуу  Хороттон

         төрүттээхтэр  диэн  хас  да  учуонай  бэйэтин  үлэтигэр  бэлиэтээн  турар.  О л
         курдук,  сэһэннэргэ  ахтылларынан  Улуу  Хоро  аан  бастаан  олохсуйбут
         сиринэн  Бороҕон  улууһа  буолар,  билинтгитэ  Уус-Алдан  улууһа.  Онтон

         саҕалаан аахтахха Хоро нэһилиэктэрэ: Уус-Алдаҥҥа  Майаҕас, Чараҥ; Үөһээ
         Бүлүүгэ  -  Булгунньахтаах;  Сунтаарга  -  Хоро;  Өлүөхүмэҕэ  -  Хоро,
         Балаҕаннаах,  Мэкимдэ  диэн  бөһүөлэктэрдээхтэр.  Ону  тэҥэ  Хоро  аҕатын
         уустара  хас  улууска  бааллара  историческай  фольклорга  кэпсэнэр.  Дьэ,  бу

         курду к олус киэҥ сирдэринэн хоролор тарҕанан хаалбыттар.

            Мүрү  күөл.  Саха  республикатын  бастакы  Президенэ  М.Е.  Николаев
         атырдьах  ыйын  16  к.  1994  сылтан  836  №дээх  таһаарбыт  ыйааҕынан
         харыстанар сир. Уопсай харыстанар иэнэ 4606 га сир.
                                                 3
   1   2   3   4   5   6   7   8