Page 6 - Тумсуулээх улэ ситиьиилээх сыллара. Дупсун
P. 6

pyohy СитиЬиилээхтик быЬаарыыга улахан ситиЬиилэммиттэрэ. Ол тумугэр
       ураты тыйыс айылдалаах ирбэт тонноох хотугу сир усулуобуйатыгар улахан
       кыамталаах уонна урдук онорон таЬаарыылаах тыа хаЬаайыстыбатын произ-
       водствота Саха сиригэр сайдан уунэн тахсыбыта бутун аан додйу цивилиза-
       циятын эмиэ биир уЬулуччулаах ситиЬиитин быЬыытынан улахан билиниини
       уонна биЬирэбили ылбыта.
           Дьэ, ити курдук улууканнаах кыайыыны ситиЬиигэ терут саха дьоно уутуйан
       уескээбит, олорбут уонна ууммут Уус-Алдан оройуонун бары улэЬит дьоно-
       сэргэтэ, ол иЬигэр бу кинигэдэ кэпсэнэр «Дупсун» сопхуос улэЬит дьонноро
       бэйэлэрин дьоЬуннаах кылааттарын киллэрсибиттэрэ, бары дьодурдарын,
       талааннарын уонна сатабылларын биэрэн туран улэлээн-хамсаан, олорон уонна
       уунэн-сайдан ааспыттара уйэлэргэ умнуллубат, сотуллубат уонна суоруллубат
       холобур буола турар утуе сырдык аналлаахтар.
           Ол инниттэн бу кэмнэ аан бастаан тэриллибитэ быйыл 45 сыла туолар
       «Дупсун» сопхуос олодун уонна улэтин, улэлээн ааспытдьонун-сэргэтин туЬунан
       кинигэ бэлэмнээн таЬаарарга улэ садаламмыта олус диэн наадалаах уонна
       хайдаллаах суолунан буолар. Бириэмэ, кун-дьыл олус тургэнник ааЬар, ону тэнэ
       аныгы кэм сиэринэн ааспыт кэми аахайбат уонна ахтыбат, кырдьыктаадынан
       сыаналаабат.утуедьыалаларынуйэтиппэтбуолуучахчыларасираайыкестеллер.
       Ол барыта инники барыыны, уунууну-сайдыыны олус диэн харгыстыыр. Ону
       тэнэ ол ааспыт кэмнэрдээди олоду тутуспут, улэни ере туппут улэЬит дьоммут
       айылда сокуонунан куннэтэ ахсын адыйыы тураллар. Ону даданы учуоттаан ол
       утуе-мааны улэЬит дьоннорбут бугун биЬиги ортобутугар баар кэмнэригэр утуе
       тылынан ахтан -санаан, махтанан туран кинилэр тустарынан суруйан, кинилэр
       бэйэлэрин ахтыыларын, кэлэр келуенэлэргэ кэс тылларын бэчээттээн кинигэ
       онорон таЬаарыы олус улахан суолталаах дьыаланан буолар. Дьэ, ол иЬин, бу
       кинигэ бэлэмнээЬинигэр туруммут, элбэхтик суурбут-кеппут, сыламтата суох
       тубугурбут утуе санаалаах дьоммутугар дирин махтал буолуохтун.
           «Дупсун» сопхуос аан бастаан 1974 сыллаахха Найахы, Оспех, Чэриктэй, Онер
       уонна Дупсун нэЬилиэктэринэн 5 отделениялаах уонна «Бээди» , «Остуойка»
       диэн анал биригээдэлэрдээх урукку ертугэр «Октябрь» уонна «Коммунизм»
       колхозтар базаларыгар тэриллибитэ. ХаЬаайыстыба бастакы дириэктэрдэринэн
       урукку ертугэр «Октябрь», «Коммунизм» колхозка бэрэссэдээтэлинэн улэлээн
       кэлбит Иван Васильевич Бурнашев уонна Василий Александрович Готовцев
       улэлээбиттэрэ. Кинилэр сатабыллаах тэрээЬиннэринэн уонна салайыыларынан
       сана тэрилл ибит оройуон тыатын хаЬаайыстыбатын анарын кэринэ кээмэйдээх
       «Дупсун» сопхуос бэрт кылгас кэм иЬигэр туруктаах улэлээх-хамнастаах
       оройуонна уонна республикада биир биллэр хаЬаайыстыбанан буолбута.
           Ити кэмнэргэ олохсуйбут бэрээдэк быЬыытынан олохтоох тыа
       хаЬаайыстыбатын тэрилтэлэрэ анардас производство эрэ интириэЬинэн уонна
       тэрээЬининэн мунурдамматахтара. Хас биирдии хаЬаайыстыба олохсуйан
       улэлии олорор тыа сирин нэЬилиэктэригэр олохтоох нэЬилиэньэ олодун-
       дьаЬадын хааччыйыы дьыалаларынан кэлимсэ дьарыктанар этилэр. Ол курдук
       социальнай эйгэ салааларынан материальнай-техническэй базаларын тэрийии
       уонна санардыы, ол эйгэ улэЬиттэрин олохторун-дьаЬахтарын хааччыйыы бары
       боппуруостара сопхуостар куустэринэн керуллэр уонна быЬаарыллар этилэр.
       Ол сунньунэн «Дупсун» сопхуос хабар бары нэЬилиэктэригэр нэЬилиэнньэ
       олодун-дьаЬадын тупсарыыга олорор дьиэлэртэн садалаан , араас социальнай
       хайысхалаах объектары санардыыга, тупсаран тутууга «Дупсун» сопхуос


       4
   1   2   3   4   5   6   7   8   9   10   11