Page 166 - Дүпсүн сирэ
P. 166

Ушницкай Николай Дмитриевич
              Холкуос  бастыҥ  болуотунньуга,  маастара.  Илиинэн  бастыҥ  от  охсооччу.
            Кун  аайы  1,5  га  сири,  сорох  куннэргэ  2-лии  га  сири  охсоро.  1934  сылтан
            холкуос ударнига.  Остуойка бөһүөлэгин  бастакы тутууларын  маастардаан тут-
            тарбыта.  1941  сыллаахха  сэриигэ  ыҥырыллан  барбыта.  1942  сыллаахха  сэрии
            хонуутугар өлбүтэ.
                             Новгородов Семен Андреевич-Додохо Сэмэнэ
               1925  сыллаахха  «Бүөччэ»  ТСОЗ  табаарыстыба  чилиэнэ,  «Бүөччэ»  артыал
            ударнига,  кэлин  «Үүнүү»  холкуос  чилиэнэ.  Сэрии  сылларыгар  2—3  киһи
            үлэтин толорбут кыайыьшаах-хотуулаах үлэһит.  Кыһын  5—6 оҕуһунан от тиэ-
            йэн  ферма  сүөһүтүн  аһатара,  хаста  да  кырынара.  Кинини  «Үүнүү»  холкуос
            трактора диэн ааттыыллара.
                               Жирков Николай Петрович-Хонньороох

               1911  сыллаахха  төрөөбүт.  1933  сыллаахха  «Үүнүү»  холкуоска  чилиэнинэн
            киирбит.  1933—1936 сс «Үүнүү» холкуоска биригэдьииринэн,  1936—38 сс. ыч-
            чат  биригээдэтин  тэрийэн  үлэлээбит.  1941  сыл  атырдьах  ыйыгар  аармыйаҕа
            ыҥырыллан  барбыт,  Ленинградскай фроҥҥа сэриилэспит.  Сэриигэ бааһыран
            дойдутугар  эргиллэн  кэлэн,  1943—1944  сс.  холкуоска  бэрэссэдээтэллээби-
            тэ.  1944—1947  сс.  I  Өспөх  нэһилиэгэр  нэһилиэк  сэбиэтин  председателинэн
            үлэлээбит.  1947 сылтан  1967 сылга диэри холкуоһугар араас үлэҕэ үтүө суобас-
            таахтык  үлэлээбитэ.  Дьоҥҥо-сэргэҕэ  убаастатар,  ыллыктаах  тыллаах-өстөөх
            үлэһит бэрдэ киһи этэ.
                                  Стрекаловская Ульяна Никитична
                                            (1899-1989)
               1931  сылтан  «Үүнүү»  холкуос  чилиэнэ.  Эдэр  сааһыттан  холкуоска,  хонуу
            үлэтигэр  үлэлээбит.  Сэрии,  сут-кураан  сылыгар  кэргэнэ Д.А.  Стрекаловскай-
            дыын  Намҥа ыанньыксытынан көһөн, сүөһү корон кыстаабыттар.  Кэлин хол­
            куос  интернатыгар остуораһынан үлэлээбитэ.

                                 Бочкарев Андрей Андреевич-Куобах
               «Үүнүү» холкуос хоһуун үлэһитэ. Сайын ахсын көлөнөн от оҕустарара. Коло
            массыынатынан сиэмэ быстарара. Өрүү нуорматын  150 % итэҕэһэ суохтолоро-
            ро. Сэрии кэминээҕи комсомолец.  Сүрдээх ырыаһыт буолан кинитэ суох биир
            да концерт буолбат этэ.  Эдэр сааһыгар  ыарахан ыарыыттан өлбүтэ.

                                  Молокотина Мария Прокопьевна
               1910  сыллаахха  Ньырачыма  үрэххэ  төрөөбүт.  1938  сыллаахха  «Үүнүү»  хол­
            куоска киирэн Остуойкаҕа олохсуйбут.  1941  сыллаахха сэрии саҕаланыытыгар,
            Бөрөлөөх  сайылыкка  үлэлии  сылдьар  кэмигэр  Остуойка  сэриигэ  барар  дьо-
            но  30-ча  киһи  Бөрөлөөххө мустан  Оҕуруокка  (Бороҕон)  барбыттар.  Сэрии  кэ-
            162
   161   162   163   164   165   166   167   168   169   170   171