Page 106 - Баһылай-Мүрү. Лена тэрээһиннээх хаһаайыстыба
P. 106
Константин Федотович күүлэй кыттыылаахтарын истиҥ-иһирэх
тылынан эҕэрдэлээн туран, бу өбүгэ оонньуутугар улуус салалтата
улахан суолтаны уурарын бэлиэтээтэ. Онтон Суотту нэһилиэгин
баһылыга В.И.Иванов эһиилги күүлэйи суоллаах-иистээх, остуол
ньуурунуу көнө ходуһалаах “Бөрө-Бастаахха” ыытарга этии киллэрдэ.
Күүлэйи тэрийэн ыытарга үөрүйэх салайааччы Н.В.Атласов
өбүгэ саҕаттан ыһыаҕы кытары тэҥ суолталаах национальнай
бырааһынньык буолары н санатан туран, бу күүлэй өссө
күүрүүлээхтик, үрдүк таһымҥа ыытылларыгар күрэхтэһээччилэргэ
ситиһиилэри баҕарда.
Хотуур ыллыыр ходуһатыгар
“Бөрө-Бастаах” ходуһата харах ыларынан биир тэҥник өлгөмнүк
үүммүт. Күүлэйи тэрийэн ыытыыга уопуттаах комиссия чилиэттэрэ
Прокопий Белолюбскай, Василий Сивцев, Константин Давыдов,
Николай Сивцев, Алена Степанова күрэхтэһээччилэргэ охсуохтаах
ходуһаларын быһан, охсооччулар сэрэбиэй быһыьггьшан талан ылбыт
сирдэринэн туруортууллар. Уута, бадараана суох биир тэҥ үүнүүлээх
сиргэ түбэспиттэриттэн күрэхтэһээччилэр бары да астыммыт
көрүҥнээхтэр.
Дьэ, ити курдук, бука бары улахан күрэхэһиигэ киирэр
күрэхтэһээччилэрдии старт бэриллэрин кэтэһэн кунай хотуурдарын
күөх оту силлиргэччи охсорго бэлэмнэнэрдии илэ бодолорун
102

