Page 215 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 215
Кыһыл төлөн тылынан
Кыстаммыт дүлүҥнзри
Кычыгадраччы салбаата.
Киэһэ буолуор диэри
Киэҥ алаас саҕаны
Килэччи солоотулар,
Үлэ бүтүөр диэри
Үрэххэ тиийэ
Үргүлдьү ыраастаатылар.
Олуу иннигэр
Оонньуу-оошшуу сырыстылар,
Ыраах тарҕаһан
Ыллыы-ыллыы күлүстүлэр...
Эрилкэй хара харахпынан
Эргигэн ыраах көрдөхпүнэ, —
Туох манна буолуоҕун
Тохтоэн туран туойдахпына:
Кылааннаах бииһин сойуолаан, —
Кыһыннары-сайыннары бултаан,
Эргэнэ тыа иэнин
Эрийэ-бур|уйа суоллаабыт,
Урааҥхай сахалар ыччаттара
Улуу тҥмир көлөлөнөн, —
Киэҥ кыраай
Киэбин иупсаран,
Саха сирин
Саахымат ойуулаан,
Киҥкир тыалары
Кирээдэлээн үүннзрэллэр,
Килэмэн сыһыылары
Кэҥэтэ тардаллар.
Кэрискэ күөх ойуур
Кирбии арҕаһыгар,
Кэрэабэккэ, кэҕэ этэр;
Үрдүк арыы тыа
Өлбургэ киистэтин быыһыгар
Үгүс чыычаах ыллыыр.
Онно сотору станциялар үлэлээннэр
Уулаах былыты ыанньыталлар,
Эгиҥнээх былыттар тохтооннор,
4 Сергей Васильев 209

