Page 294 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 294

ВОЛГА  —  ДОН

                Инженер  доҕорум,  эн.,
                Этиҥ  эрчимин  көлүнзн
                Экскаватор  күүһүнэн
                Элбэх  да  тыыһынча  коде  буору  хаспыккын,
                Хас  эмэ  көһүнэн
                Хайалары  хайа  тэлэн  барбыккын.
                Эн  барбыт  суолгунан
                Эйгэтэ  биллибэт  саҥа  муоралар
                Иэннэрэ  килэдийдэ,
                Сүҥкэн  саҥа  улуу  ханааллар
                Сүүрүктэрэ  доллоһуйда.
                Олору  икки  өттүнэн,
                Урут  киһи  билбэтэх
                Уһуйбат  оҥоһуу  таас  биэрэктэрэ  килбэһийдэ,
               Айылҕа  да  уустуктаан  айбатах
                Араҕас  сыһыылара  нэлэһийдэ.

               Киэҥ  төрөөбүт  Аҕа  дойдубут
                Килбизннээх  ол  улуу  ханаала  аһыллан,
               Бар-дьонум,  советскай  норуотум
                Бастыҥ  музыканан  ньиргийэн,
                Коммунизм  баараҕай  харааптара
               Эрдинэн  доллоһон  бардылар,
                Ильич  сырдык  лаампалара
                Инники  сэлэлээн  чаҕылыһа  турдулар.
                Коммунизм  тутуутун  рабочайа,
                Эриэккзс  бу  улуу  тутуум  бухатыыра,
                Сырдык  хос  иһигэр  олорон,
                Сыыппара-ахсаан  кэккэтнн  толорон,
                                     .8 *
   289   290   291   292   293   294   295   296   297   298   299