Page 97 - Иван Мигалкин Аныыбын иһирэх иэйиибин
P. 97
ийэ
Ийэ -
олоҕу бэлэхтиир,
Ийэ -
олоххо хараанныыр,
Кини -
күҥҥэ тэҥнэнэр,
Күн-күбэй
Ийэ дэтэр.
ИЙЭҔИН ТАПТЫЫРЫҤ
курдук эн
Ийэҕин таптыырыҥ курдук эн
Миигин таптыырыҥ буоллар -
Аан дойдуга баар сибэккилэринэн
Эн хоскун симиэх этим.
Аҕаҕын итэҕэйэриҥ курдук эн
Миигин итэҕэйэриҥ буоллар -
Ийэ сиргэ айыллыбатах ырыанан
Эн ааккын алгыах этим.
1984 сыл.
9 5

