Page 93 - Иван Мигалкин Аныыбын иһирэх иэйиибин
P. 93
киэьээҥҥи чуумпуну
ДО Л ГУП П АП П Ы Н
Киэһээҥҥи чуумпуну долгуппаппын,
Күн тахсыытыттан да сэргэхсийбэппин...
Мин санааҕа ылларан сылдьабын,
Бэл төрөөбүт тылбынан кэпсэппэппин...
Эн ханна бааргын? Тугу гынаҕын?
Эн ахтарыҥ буолаарай мин туспунан?
Түүлбэр да муҥнанабын тапталтан,
Уһуктаат, саҥата суох сытабын...
Сүрэҕим кистэлин сахам тылынан
Кимниин эмит үллэстибит киһи ньии,
Тапталым туһунан - дууһам ыарыытын
Кимиэхэ эмит кэпсээбит киһи ньии!
05.08.78. Благодать д.
91

