Page 136 - Иван Мигалкин. Сүрэхтэн саҕыллар санаалар
P. 136

Бу кэлэн иһэр
                        Кылбаа Маҥан, Үрүҥ көмүс 1979
                        Саҥа Дьылынан уруйдуубун!
                        Үүнэр уһун сылга эн үтүө поэт буол,
                        Үрдүк үөрэхтэн, үлэ аартыгар үктэн,
                        Ойох ыл, 050ТО оҥор, олоххун
                        Омуннаахтык саҕалаа, ойон таҕыс!
                                                Ньукулай Хаабыһап.
           Ахсынньы 23 эргэтэ,  элэйбит  1978 сыл.
           Дьокуускайтан.
           Яснай Поляна$а булгу сырыт,  өр хаамп,  сүрэххэ ицэр.
                                   *  *  *
            Саллаат  Уйбаан,  саха поэта!
            Олорон эрэн эйигин санаан кэллим — ханна эрэ нуучча сирин
         ортотугар кылахачыйан сырыттарын,. Поэт буолан,  ону-маны
         амсайдын,,  үөһэ да күөрэйдин,, аллара да күрүлээн түһэн тахсы-
         талаатын,.  Поэты ол иһин буурраһыкка холууллар.  Уоскуйума,
        умуллума эрэ.
           Хоһоону күннэтэ суруйа сырыт.
            Таһаартарар  кэм  көстүө.  (1977— 1979  сылларга  аармыйа-
         ҕа  сылдьаммын  114  хоһоону  суруйбутум.  Николай  Алексеевич:
         «Таһааттарар  кэм  көстүө»  диэн  суруйбутун  курдук,  ити  сыллар-
        дааҕы  хоһооннорум  1992  сыллаахха  тахсыбыт  «Сүрэҕим  кистэ-
        лэ»  уонна  «Кустуктар  куустуннар  алааспын»  —  1994  сыллаахха
        диэн кинигэлэрбэр киирэн биирдэ бэчээттэммиттэрэ...)
           Кэпсэтэн,  көрдөһөн  да  —  үөрэххин  бүтэрэргэ  кыһан —  ик­
        ни һин төннөрүн, саарбах. Диплом наада үйэтэ.
           Саха  оролоро  —  кыргыттарбыт  мун,наах —  тарраһар  са-
         йыннара  кэллэ.  Сиппит кыргыттары Бүөтүрчэ  (П. Н.  Тобуруо-
        кап) оскуола оролорун курдук мөрөйдүүр.
           Үлэлээн  тиниктэһэбин.  Проза  элбэх,  аа^арым,  көннөрүүм
         үгүс,  тыара,  суруйар аймахха, элбэх өстөөхтөнөр буоллум.
           Софронум  барда,  убайын  оннугар  барда,  сөбүлээн  үлэлээн
        эрэр.  (Николай Алексеевич:  Софрон диэн,  Софрон Петрович Да­
        ниловы  этэр,  кини  убайын  Семен  Петрович  оннугар  Саха  сирин
        Суруйааччыларын  сойууһун  бэрэссэдээтэлинэн  үлэлээн  эрэрин
        суруйар.) Кини оннугар Савва кэпэрэ дуу.  Мин Руфовы көһөрөр-
        гө туруорсабын.
           Амма Аччыгыйа, Эртюков хамнастарын ахтан «Бэлэм буол-
        га» төннүбүттэр.
        132
   131   132   133   134   135   136   137   138   139   140   141