Page 137 - Иван Мигалкин. Сүрэхтэн саҕыллар санаалар
P. 137
Сахаларга поэтесса дэлэйдэ. Сайдыыбыт бэлиэтэ буол-
лара. Бииртэн биир куерэйэр.
Тымныы кыһын абыраата — кэлэр кэллин, тулуйуохпут.
Бээһээ Намн,а Таллан үбүлүөйүгэр Софроннуун тахсан киир-
дибит. оронньор сэнэх. икки кыра поэманы суруйбута — талаа-
нын үгэнэ. «Эдэр коммуниска» — «Ыам ыйын 22 кунэ» хоһоо-
нноох. миэхэ анабыллаах — «Н. А. Габышевка (Гаабыһапка —
диэбит) уонна бары Ньукупайдарга» — ити мин төрөөбүт
күнүм.
Ааран кэбис:
Халлааҥҥар хаһыытастылар туруйалар,
Уһуннулар толооннор, үрүйэлэр,
Хочолорго кыталыктар кыккынастылар,
Эҕэрдэлии элиэлэр элиэтэстилэр.
Сыһыыларга атыырдар дьохсооттоһоллор,
Томторго оҕустар айаатаһаллар,
Былдьырыыт бадарааҥҥа трунит диэтэ —
Ити күөх сайын иһэр бэлиэтэ.
Бүгүн Хоту байҕалга уһунна Өлүөнэ —
Бырастыы буолууй, Өлүөнэм миэнэ, Эйиэнэ,
Оо, Сахам сирэ, бу күн эн тиллэр таҥараҥ:
Тилиннэ ээ, бары хамсаан, саҥаран.
Бэрт барайы буолбат дуо — Сахам сирэ ан,ылыс гынна
дии... Ньукуолун сарана саас... Ити кэм кэлиэ.
Таллан Саха АССР үтүөлээх үлэһитэ буолла. Федосеевка —
Бочуотунай Грамота. Кинини эн биһикки Москватаары кыр-
гыттарбыт «били Федосия» диэн ааттаабыттар.
Таллан кыыһа Айталина аратыгар бэртээхэй хоһоону су
ру Обут, түмүгэ:
Эн ырыаларыҥ ньиргийиэхтэрэ
Өлүөнэ дохсун бааллара буоланнар,
Эн хоһоонноруҥ күөрэйиэхтэрэ
Халлаан хомпуруун хотойо буоланнар.
Сараланара да бэрт:
Аҕаа, сорох ардыгар
Эн суолгун солооммун,
Бар дьонум дьоллоох олохторун,
Оҕолорум ыраас дууһаларын
Намчы кэрэ Саха тылынан
Хоһуйуохпун баҕарабын...
Дьэ итинник, хаһаарымара хааллыбыт эдэр поэппыт.
133

