Page 58 - Оло5у таптаа Реас К
P. 58
кинилэр арҕахтарын иһигэр чалбах киир(битигэр,
ийэлэрэ бүөнү төлөрүппүтэ.Киҥи арҕаҕын ааныгар
быардыы түһэн, күнүстэн күнүс сылааска сыламнаан,
ытыстыбыт сыҥааҕын хоҥноро хас да күн сыппыта
уонна биир киэһэ тахсан баран хаалбыта. Кини өр
буолан баран төннүбүтэ. Оҕолоро ийэлэрэ суоҕар, ар-
ҕах аанынан кутуллар сырдыктан куттананнар, бука-
тын түгэххэ ыга симсэн олорбуттара.
Бары тыһы эһэлэр үгэстэринэн, ийэлэрэ арҕаҕын
томтор хоту өттүгэр, тибии тибэр, хомурах хонор си-
ригэр ааннаабыт этэ. Хаар баарына ньирэй оҕолорун
илдьэ арҕаҕыттан арахсара табыллыбатын, сэрэхтээ-
ҕин билэрэ. Хомурах хоммут сирэ хойутаан хаара
ууллар. Онон эһэ арҕаҕыттан хара сиргэ быһаччы
тахсар. Оччоҕо кини суолун ким да көрбөт. Тыыннаах
хааллахтара ол. Оттон тулуура суох атыыр эһэлэр
хаар ситэ хараара илигинэ тахсаннар, аһыы охсорго
суудайаллар. Ол иһин арҕахтарын күн көрөр, атын үр-
дүк сирдэр харааралларын кытта тэҥҥэ хараарар
сиргэ хастааччылар. Туох да тутулуга, оҕо-уруу
энньилгэтэ суох кыылларга — ол сөп. Хайа уонна бы-
һыйдара, күүстэрэ-күдэхтэрэ сыттаҕа дии.
Кэнникинэн, ийэлэрэ тахсан баран хаалбытын
кэннэ, оҕолоро сырдыктан куттаммат буолан, хата,
төттөрүтүн, таһырдьа тахсаары тарбачыһар идэлэм-
миттэрэ.
Аҕыйах хонон баран, кыаттарбакка сордообут
кыракый томтору туораан, таһырдьа мөкүрүһэн тах-
сыбыттара. Кыараҕас, хараҥа арҕахха холуйдахха,
сир-дойду кэрэ, киэҥ-куоҥ да буолар эбит. Дьар кур-
дук тымныы салгын, килбэйэр киэҥ халлаан, эмискэ
ууннарыта тардан кэбиспит курдук уһун тииттэр,
ойуур — барыта дьикти, барыта кэрэ! Ол да буоллар
56

