Page 32 - Иван Мигалкин Үөрүүбүн тэҥинэн үллэстэбин. Делю радость со всеми. хоьооннор
P. 32
отон этим — оҕо этим...
Аҕалаах ийэм Айылҕа хотуҥҥа
Бэлэх ууммуттара —
Оһуор ойуулаах туос оноойугу,
Ону оҕуруо тиһик отонунан толорон
Н Н ^Н Н И .И '>')>/)
Оҕо сааһым Мүрүгэ ааспыта.
Оҕо этим — отон этим...
Эйэҕэс ийэбэр тэҥмиирим
Ньээм-ньээм үүт биэрэр аналын...
Ытыспар тоһуйан алаастарга таргыырым
Күөрэгэй көрдөөх ырыатын.
Н €)1»')1С Ш н1)^»> 1нһ> ! ^
Сир ийэни сырдыгынан күндүлүүр
Отон этим — оҕо этим... I
Олох диэн тугун билбэтим,
Бэл түүлбэр көрбөтүм ким миигин
Бүөбэйдээн үүннэриэҕин, биитэр үргүөҕүн. ..
Ахтан ылабын ааспыт оҕо сааспын...
Хайдах да, хаһан да буолуо суохтааҕын
Билэ-билэбин баҕа санаанан күүтэбин:
...Отон курдук сылын ахсын
Оҕо сааһым чэчирии үүнүөҕүн...
1973 с., Москва
30

