Page 68 - Иван Мигалкин Үөрүүбүн тэҥинэн үллэстэбин. Делю радость со всеми. хоьооннор
P. 68

ОЛОҤХО ДОИДУТУГАР КӨТҮӨҔҮМ
                Балаҕан ыйа бүттэ...
                Күһүҥҥү ардахтаах күннэр
                               кэннибэр хааллылар,
                Биир ый халтай ааста,
                Киһи сүрэҕэр
                        тиийэр хоһоон
                               суруллубата...
                Бүгүн олоробун соҕотох,
               Улахан поэттар
               Айымньыларынан
                               дуоһуйа...
                Кинилэр албан ааттарыгар
                                      сүгүрүйэ,
               Сыллата таһаартарар
                               кинигэлэриттэн үөрэ.
                Кинилэр эрдэлээн
                Мин айа илик ырыаларбын
               Суруйдахтара диэн күнүүлүүбүн,
                Ол санаабыттан түүннэри да утуйбаппын.
                Суруйа сатаан, дьүккүөр үлэлиин
                                      мөккүһэбин,
                Мөккүһэ сатаан, кыайтаран —
                                       ытыыбын,
               Арай биир санааттан
                               эрдийэбин —
                Олох диэн тугун
                        мин да билиэм,
                Олох сыллааҕы хаардарын,
                Сыллааҕы өксүөнүн
                Санныбар туруулаһан уйуом, диэн...
                               66
   63   64   65   66   67   68   69   70   71   72   73