Page 72 - Иван Мигалкин Үөрүүбүн тэҥинэн үллэстэбин. Делю радость со всеми. хоьооннор
P. 72
ҮРҮҤ ТҮҮҤҤЭ,
минньигэс дьэдьэҥҥэ...
Күһүн, кыһын, саас —
Мин кубулуйуом кинигэҕэ,
Манан кумааҕыга, уруучукаҕа
Уонна экзамен билиэтигэр...
Тапталыам,
Кинигэ лиистэрин арыйыан —
Буукубалара
эн хараххар ыстаналаһан
Сүтүөхтэрэ: «Таптыыбын...»,— диэн,
Тылы эрэ хаалларан, ол мин буолуом.
Экзамен туттара киириэҥ —
Ылыаҥ
23 №-дээх билиэти
Пианино клавишатыгар
Тарбахтаргын уураргыныы,
ол мин буолуом.
Туут хайыһардыы уруучукаҥ
Тохтоло суох манан кумааҕыга
Сырылыа, ол мин буолуом.
Боппуруостарга эппиэтиҥ —
Байанайдаах булчуттуу өйгөр
Бэйэтинэн киирэн иһиэ,
ол мин буолуом.
23 чыыһыла мин төрөөбүт күнүм —
Билиигин туоһулуо туйгун сыананан.
Сайын —
Мин кубулуйуом үрүн түүннэ,
Минньигэс Д Ь Э Д ЬЭ Ҥ Н ),
70

