Page 10 - Е.Ф.Федоров. Уус-Алдан оройуона Сэбиэскэй сойуус Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии сылларыгар
P. 10

Биография

              1917 сыллаахха Дүпсүн уруккута Тэбиик нэһилиэгэр дьа-
          даҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ.
             Дүпсүн ситэтэ суох орто оскуолатын  1934-1935 үөрэх сыл-
          ларыгар бүтэрбитэ.
             Дүпсүн оскуолатын  бүтэрээт, Дьокуускайдааҕы  педагоги-
          ческай училищены үөрэнэн ситиһиилээхтик бүтэрбитэ.
              Үлэтин  1938-39 сылга Чараҥай ситэтэ суох оскуолатыгар
          үөрэх чааһын сэбиэдиссэйинэн саҕалаабыта.
              1939  с.  саас  үөрэх  оройуоннааҕы  салаатын  сэбиэдэссэ-
          йинэн өрө таһаарыллыбыт. Ити эбээһинэскэ 1944 с. диэри үлэ-
          лээбит.
              1944 сыл Оройуон партийнай салайар үлэтигэр үлэлээһинэ
          саҕаламмыта.
             Икки  сыллаах  Иркутскайдааҕы  партийнай  оскуоланы
          бүтэрбитэ.
             Онтон кэлэн БСК (б) П райкомун сэкиритээринэн быыбар-
          данан үлэлээбитэ.
             Кэнники  доруобуйатынан  сибээстээн  парткабинет  учуот
          отделларын  сэбиэдиссэйинэн,  олохтоох араадьыйанан биэрии
          редакторынан өлүөр диэри үлэлээбитэ.
             Пионертан,  комсомолтан  иитиллэн  1941  с.  партия  чилиэ-
          нинэн сылдьыбыта.
             Райком  бюротун  Пленумун  чилиэнинэн,  Оройуоннааҕы
          Сэбиэт депутатынан хас да төгүл быыбарданан үлэлээбитэ.
              1979 сыл ыам ыйын 27 күнүгэр өлбүтэ.
              1945  с.  ССРС  Верховнай  Сэбиэтин  Президиумун  ыйаа-
          ҕынан “1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу Сэриитигэр килбиэннээх
          үлэтин иһин” мэтээлинэн,  1975 с. Аҕа дойду Улуу Сэриитигэр
          Кыайыы юбилейнай мэтээлинэн, Өр сыллаах үтүө суобастаах
          үлэтин иһин мэтээлинэн, Ленин төрөөбүт  100 сыла буолуутун
          юбилейнай мэтээлинэн наҕараадаламмыта.










          6
   5   6   7   8   9   10   11   12   13   14   15