Page 37 - Ийэ тыл - мин тирэ5им 2009
P. 37

уерэ оцостон саас аЬылык оцостоллор эбит. Сахалар
          битэмииннээх астарынан дьэдьэн, моонньодон, хаптадас,
         сугун, уулаах отоннор буолаллара. Саахар суох эрдэдинэ туос
          иЬиккэ тымныыга эбэтэр кыынньарыллыбыт арыыны саба
         кутан хаЬааналлара.
               Сахалыы астар атын омуктар киэннэрин курдук анал
         кээмэйдэммит рецептэрэ суода. Хас биирдии хаЬаайка
         бэйэтин себулуурунэн корен, эбэн-сабан астыыра. ИЬит-
         хомуос эмиэ туспа улахан оруолу ылара.


                           Сахалар терут аЬылыктара.

               Сахалар урут балыгы, эти хатаран-хаЬаанан уЬун
         кыЬыны быЬа аЬыыллара. Ону бэлэмнээЬин бэйэтэ туспа
         уратылардаах уонна дьиктилэрдээх. Олортон билиЬиннэрдэххэ
         маннык:
               Дьуухала — сайын алыЬары, сордону баЬын быЬан,
         халыц этин хайытан, туустаан, маска тараччы тиирэн-
         тэптэрэн кун уотугар хатараллар;
               Барча — мундуну буЬаран баран сиргэ тардата кутан
         кун уотугар хатараллар. Буруонан ыЬааран уену-кейууру
         чугаЬаппаттар;
               Хохту — мундуну буЬарбакка эрэ сиргэ тардата кутан
         сайын кун уотугар хатараллар. Олору кыЬын утэЬэдэ уелэн
         эбэтэр буЬаран сииллэрэ;
               Хаппыт эт — эти уЬун гына хаптаччы, тырыыцкалыы
         хайытан баран, лаабыска тэлгээн эмиэ кун уотугар
         хатараллар. Оччодо эт бэйэтин сыатыгар ицэмтэлээхтик
         хатар. Ону кыЬын уксун буЬаран сииллэр;
               Олеецку — эти хаамыска курдук кыралаан баран, туос
         урдугэр эбэтэр адарай маска кун уотугар хатараллар. Оннук


                                       33
   32   33   34   35   36   37   38   39   40   41   42