Page 45 - Г.В.Портнягин-Даҕайаарап сиэнэ. Бэйэни билинии
P. 45

Ъэйэни билинии

         йуллуо  суохтаах, төбөҥ ыалдьыа.  Киэһэ хойут,  түүн иһимиэххэ
         наада.  Биир  биэс  сүүстээх  буокканы  арыый  кыайбаты  истэх-
         хинэ итирэҕин.
            4.    Бэйэҕиттэн  гарантированно  этэнтгэ  буолуу  —  арыгыны
         иһимии бэйэтэ кыайыы, доруобуйа. Арыгы испэтэх күн — ары-
         гыттан хаайтарбатах туһалаах күн  —  элбэҕи  оҥороҕун,  кэскил-
         лэнэҕин,  үүнэҕин.  Санаата-оноото  суох.  Олох  арыгы  испэккэ,
         сибиэһэй, чэгиэн-чэбдик сыддьыбьшпьгг дьолбут эбит. Дьиэ кэр-
         гэниҥ,  оҕолоруҥ дьоллорун туһугар.
            Табах.
            1.  Биир дурман.  Биллибэт буолар, ыарахан, үөрэнэн хаалыы.
         Постояннай  буорту.  Үйэ тухары доруобуйаны алдьатыы.  Проб­
         лема.  Мөлтөөһүн.  Ыарыы.
            2. Тарпатах хас биирдии мүнүүтэттэн дуоһуйууну ылыы.  Ити
         курдук табахтаабакка бастакы биир күнү тулуйуу.
            3.  Дьыала  быраҕабын  диэһинтгэ  буолбатах,  быраҕыыга.  Ха-
         рыстан. Табахтаабат,  сибиэһэй, чэгиэн-чэбдик формаҕа тардыс.
         Табаҕы санаама. Атын туһалааҕы санаа, дьарыктан.  Үөр-көт.
            Хаарты.
            Хаартыга  массыына,  дьиэ  атыылаһаары  мунньуммут  хар-
         чыларын,  бэстилиэнэй  ыстааннарын,  ойохторун  сүүйтэрэл-
         лэр  дииллэр.  Наһаа  элбэх  харчыны  сүүйтэрэн  бэйэлэригэр  да
         тиийинэллэр үһү диэн баар.
            Наркотик.
            Куттала суох кыратык боруобалыахха син, табаҕы хааһы кур­
         дук кыраттан конопляттан саҕалыахха сөп диэн санааттан саҕа-
         лыыллар.  Бензин,  лаак,  кырааска  сыттаан  туймаараллар.  Быа-
         нан  хабарҕаларын,  соннай  артерияларын  бобо  тардынан ханна
         эрэ  баран  кэлэр  курдук  буолаллар.  Итинник  боруобалыы  сыл-
         дьаннар өлүү-сүтүү саҕаланар.  Онтон улаатан, ылларан,  сыана-
         та ыараан, харчыта суох буолан, уоран, халаан,  онтон наркотик
         атыылыыр  дьоҥҥо  иэскэ  киирэн,  ыалдьан,  тулуйбат  буолан,
         кинилэр дьаһалларынан сылдьар буолаҕын.
            Иитиигэ наһаа кистээн, ону-маны бобон кэбиһэннэр, оҕолор
         бэлэмэ  суох  буолаллар.  Сексуальнай  олоххо  эмиэ.  Дьиҥинэн
         үөрэтии,  өйдөтүү баар буолуохтаах.

                                                                         43
   40   41   42   43   44   45   46   47   48   49   50