Page 91 - Г.В.Портнягин-Даҕайаарап сиэнэ. Бэйэни билинии
P. 91
Ъэйэни билинии
рохтор дьаданытык олороллор. Олох, уопсастыба, наука салгыы
сайдар, иннин диэки баран иһэр. «Киһи аймах сайдыытыгар
туһаны киллэрэн, түргэтэтэн, космос бүтэр уһуга суоҕар кии-
рии туһугар туруулаһыахтаах этэ — хас биирдии киһи». Сэрии-
лэһэ, өлөрсө сылдьыахтааҕар. Киһи өллөҕүнэ, дууһата бу орто
дойдуга хаалара дуу, космоска көтөрө дуу — биллибэт. Бауар,
элбэх үчүгэйи оҥорбут буоллаххына, космоска, атын планетара
көтөрө буолуо. Өлүүгэ наһаа ытаабакка-соҥообокко, аттыгар
баар буолан, быраҕан кэбиспэккэ, дьоһуннук атаарыы баар буо-
луохтаах. Үчүгэйдик көрүллэр киһи ыраас, сыта суох буолар.
Иигин-сааҕын ыраастааһын, тута сууйуу-сотуу. Кырдьан баран,
ыалдьыыга наһаа элбэх көрдөрүү, айан, уочараттар, анаалыстар,
сыаналаах эмтэр, төлөбүрдээх эмтэниилэр, бэриктэр буоллах-
тарына, боростуой киһи айылҕа төһөнү биэрбитинэн олорон,
түргэн соҕустук сып-сап хомунан барбыта ордук курдук. «Хаһан
өлөн сынньанабын». «Сууланан-сууланан токуллан баран өлөн
хаалыы». Ыарыылааһын хайаан да баар буолар, чугас дьонугар
барытыгар биллэрии, онтон төһө киһи баарынан.
Балыыһаҕа сытан өллөҕүнэ экспертизауа ыыппаттар. Сойбу-
тун кэннэ сууйуллар, төкүнүтэ сылдьан, таастаах ууга илитэн
инчэҕэй тирээпкэнэн сотуллар, онтон таныннарыллар. Илии-
тин түөһүн үрдүгэр быар куустара таһааран баайыллар, тоҥо-
лоҕун үөһэ таһааран. Атаҕын, төбөтүн, сынааҕын баайаллар.
Бүтэн баран илиини буокканан суунуллар. Дьиэтигэр илдьэн,
хаптаһын тэлгээн сытыараллар, хоруоба оҥоһуллуор диэри.
Буорун хаһыыта, тас маһын остуолбатын оҥоруута барыта сата-
былы, үлэни эрэйэр. Үс хонугунан барыта бүтэн таһаарыллар.
Быраһаайдаһыы, таһаарыы, остуол. Онтон тоҕус, түөрдуон хо-
нуктара. Биир, үс сыллара бэлиэтэнэн остуолланаллар. Хайаан
да наһаа идеал да буолбатар, ким туох кыахтааҕынан оҥоро са-
тыахтаах. Кыһалҕалаах дьоҥҥо бэйэлэрэ этэллэрин кэтээбэккэ,
бэйэҥ тиийэн, ыйыталаһан билэн көмөлөһүөхтээххин. Киһи
өллөҕүнэ, чугас харайар дьонугар тута тиийэн сылдьыллыах-
таах, көмөлөһүллүөхтээх эбэтэр сатаатар харчынан көмөлөһүл-
лүөхтээх хайаан да, аймахтаргар, табаарыстаргар баай-дьадаҥы
диэбэккэ, куһаҕан-үчүгэй диэбэккэ. Киирэн тэпсэҥэлээн ба-
89

