Page 2 - Кербут уонна сылдьыбыт чахчылар
P. 2

суол аттыгар киирэн муннукка чөкө түһэн олордубут. Дьэ, мин урут
       хаһан да истэ илик дьикти тыллаах-өстөөх, оһуобай ураты олоҥхо-
       һут буолан биэрдэ. Мин бу олоҥхо тылыттан-өһүттэн туһанаарыбын
       кыһалла сатаатым, олоҥхо дьиктилээх дьулусхан кэпсээнигэр тар-
       дыллан бииртэн биир кэрэһэлээх киэҥ дьэҥкэ ырыатыгар орону
       улаҕатынан сыҕарыйан олоҥхоһукка чугаһаан кэлбиппин билиминэ
       хааллым.
            Олоҥхо ортотугар көр-күлүү таҕыста. Олоҥхоһут, абааһы
       кыыһын соһутан-өмүрдэн, ыллатан татынньахтатан баран, тохтоон
       табахтаата. Онно балаҕан иһинээҕи дьон бары күлсэн күүгүнэһэ
       түстүлэр. Онно биир уол тэбиэлэнэ-тэбиэлэнэ күллэ. Онуоха биир
       Лабай Тиэхээн диэн тэбэнэттээх киһи баара: «Бэйи, нохоо, тох-
       тоо, наара суоҕун, ити абааһы кыыһын ойох ылаары бачча үлүгэр
       кычыгыланныҥ дуо?»—диэтэ. Дьэ, күлсүү ордук күөдьүйэн таҕыста,
       аны уолу күлэн бардылар.
            «Бэйи, бу уолу муҥнаамаҥ, олоҥхобутун саҕалыаҕын », — диэтэ
       олоҥхоһут. Балаҕан иһэ чуумпура түстэ. Олоҥхоһут салгыы олоҥ-
       холоон сиксирийбитинэн барда. Дьэ, доҕоор, аллаах ат туйаҕын
       тыаһын курдук, тутулуга-иҥнигэһэ суох, дохсун, дьулусханнаах кэп-
       сээни, сүүрүктээх үрэх уутун курдук, тохтоло суох, тоҕо суккуйан
       таһаарда. Мин урут олоҥхоһуттары иһиттэхпинэ сыыс түһэрбэккэ
       туһанар, иҥэринэр буоларым. Дьэ, бу сырыыга туһа аҕыйах буолаары
       гынна. Олоҥхо омуннаах-төлөннөөх, күүстээх-уохтаах, үлүскэннээх,
       үгүс элбэх дэбилкэннээх. Кэпсээнэ кулгаахпар кудулуйа устан, дох­
       сун сүүрүк курдук тохтообокко ааһан истэ. Онтон иҥэринэн хаалар
       аҕыйах буолаары гынна. Бу киһи маннык үлүгэрдээх баһаам балыс-
       хан кэпсээни төһөттөн үөрэнэн, идэтийэн бу курдук этэ, саҥара,
       кэпсии үөрэммитэ буолла диэн бэркиһии сөҕө санаатым. Ити кур­
       дук этэр саҥарар буолбут киһи диэн умсугуйа санаатым.
            Олоҥхоһут онно «Үөлэн Хардааччы» диэн олоҥхону биир суол
       охсуһуутун түмүктээн баран тохтоото. «Дьэ, нохолоор, кыратык
       утуйа түһэн баран ыһыаҕы киирэн көрүллүө этэ»,— диэн уурайан
       остуолга бүк түһэн, тоҕоноҕун өйөөн олордо. Халтаҥ хомуһуол бол-
       туотун тоҕоноҕор иилэн баран тахсан эрдэҕинэ: «Чабырҕахта ааҕан
       иһитиннэр эрэ», — диэн дьон көрдөстүлэр. «Дьэ, бэрт да муҥнаах
       дьоҥҥут, доҕоор». — диэн аанҥа төттөрү, дьон диэки эргиллэн ту-
       ран, сир дойду кэрэтин, кыыл-сүөл үтүөтүн, киһи-сүөһү бастынын,
       быһыйы, күүстээҕи, араас идэлээҕи, аҕырыаҕа тиспит курдук, чо-
       чуллубут уус-уран тылынан, иһиттээх ууну иҥнэри аспыт курдук,
       тыһыынчанан ааҕыллар тылы аҕыйах мүнүүтэҕэ тоҕо суккуйан ааҕан
       биэрдэ уонна тахсан барда. «Алаата, обургу хаһааҥҥыттан этиэм
       диэн мунньан сылдьара буолла. Тугун сүрэй, идэлээх киһи туспа да
       буолар эбит», — дэсиһэн, дьон сөҕөн-бэркиһээн кэпсэттилэр.
            Мин онно билбитим, дьон олоҥхоһут, ырыаһыт идэлээх киһини
       биһирииллэрин, кэрэхсииллэрин. Онон бэйэм кыра идэбинэн сал­
       гыы дьарыктанарга баҕа санаа салгыы иҥмитэ. Ити олоҥхолообут
       киһини сураһан истибитим Бороҕон улууһун Лөгөй нэһилиэгин
       46
   1   2   3   4