Дьиэ-буо!
Дьиэ-буо!
Туйгун, туйгун, Дуомуна,
Колхозтаах Дуомуна,
Торбосторун оннулара
Толбоннурар муосталаах,
Көймөстүбэт салгыннаах,
Кулүмурдэс түннүктээх
Дьиэ-буо?
Дьиэ-буо!
Туйгун, туйгун, Дуомуна,
Колхозтаах Дуомуна,
Чиэстэ бурдук мэлийбит,
Ахсыыларыгар тиэрдээри
Алаадьылыы кэккэлэппит.