Page 126 - Бэстэрикиэптэр. Олох салҕанар
P. 126

Бэстэрикиэптэр.  Олох  салҕанар

             Улааппытын кэннэ, улахаттар “бырааптарынан” соруйсарбыт элбэх.
         Ол аайы  куруук “ээҕи” эрэ кытта сылдьар.  Элэккэйэ,  үөрүнньэҥэ бэйэ-
         бит курдук.  Бука бары биир киһи курдук “ыалдьабыт” — отугун ааста да,
         кэргэн  ылан  дьиэ-уот тэриммэт.  Доҕоор,  бу  кэргэн  ылар  кэминг  кэллэ
         дии, өссөааһан эрэр диэтэхпитинэ күлэ-күлэ: «Өссөэрдэ. Биһиги аҕабыт
         31  сааһыгар кэргэннэммитэ да, кимнээҕэр бэркэ олорбута.  Мин Кирис-
         тиэс таҥара сааһыгар кэргэннэниэм”. Таҥара көмөтүнэн ол Киристиэс-
         пит сааһа балачча ааста да, туох да биллибэт, туох эмэ тыас-уус тахсыах
         чинчитэ да биллибэт.
             Анала-чааһа  оннук  буолаахтаатаҕа диэн  кэннэки  саҥарбат,  санап-
         пат да буолан хааллыбыт.  Икки сыллааҕыта иккиэн эрэ чэйдии олорон:
         “Хайа туох эмэ биллиэх курдук дуо?” -  диэбиппэр, санньыйа былаастаан
         эттэ:
             -   Биһиэхэ  Бэстэрикиэптэргэ  икки  Бүөтүр  баар  буоламмыт,  урут
         төрөөҥнгүн суолбун быһа түстүҥ быһыылаах. Таҥарабыт инньэ диир үһү
         дии. Тугум да киһилии сатаммат.
             Көрдөххө  хаһан  да  санаа  түһүүтэ  суох,  куруук  үөрэ-көтө  сылдьар,
         куруук чэнчис,  ультрамуодунайдык таҥнар,  кыһалҕалаах аймахтарыгар
         үбүнэн да, үлэнэн да өрүү көмөлөһөр,  ыалдьыттыы кэллэҕинэ оҕолорго
         куруук кэһиилээх сылдьар  буолан үөрэнэн хаалан,  ол туга да сатамма-
         тыгар кырдьык да долоҕойбутун улаханнык уурбат буолбуппут.
             -  Оо, дьэ,  Питээмпий туга эрэ эмиэ сатамматах, -  диэн эрэ буолар.
         Дьиҥэ  кэргэн  ыллаҕына,  кыыс дьолугар эрэ тиксэр  киһи.  Бүгүрү киэнэ
         бэрдэ.  Дьиэ  ис-тас үлэтигэр сатаабата суох.  Массыынаны  ыытара эрэ
         дуо, массыына дьиҥнээх луохтуура, дэлэҕэ үгүс табаарыстара “көлөлөрүн”
         киниэхэ “эмтэтэ” кэлиэхтэрэ дуо!? Эн суолгун,  быһа түһэрим кэлиэ дуо,
         быраатыам!  Көмүс  илии,  үтүө  сүрэх,  хаһан  да  сыаналанар.  Эйиэхэ  да
         аналлааҕыҥ көстүөҕэ. Дом!


                                                                       2 0 0 1   сы л.
                                                                     Д ь о к у у с к а й .





          122
   121   122   123   124   125   126   127   128   129   130   131