Page 123 - Бэстэрикиэптэр. Олох салҕанар
P. 123

Бэстэрикиэптэр.  Олох  салҕанар

         кэлэр. Уйбаан саппаас булан үөрбүт аҕай. Арай оллоон таһыгар кэлбитэ
         уолаттара уку-суку олороллор эбит.
             — Хайа,  бу туох буолла?
             Онуоха баһылыктара Костя уол этэр: “Дьэ, Уйбаан, сатаммакка олоро-
         бут. Колябыт саатын алҕас эһэн, ити быраатын дэҥнээтэ. Киһибит өлөөрү
         сытар быһыылаах,  букатын  саҥарбат.  Нэһиилэ тыынан сурдургуур.  Коля
         бэйэтэ өйүттэн тахсан,  ити аппытын ылан ол арҕаа диэки кылана-кылана
         көтүтэ турда”. Итини истээн Уйбаан муҥнаах уҥан эрэ түспэтэх. Балтараа
         мүнүүтэ бадахтаахтылыттан матан эппэҥнии турбут. Онтон өй ылан этэр:
             — Оттон тоҕо тута балыыһаҕа иппэтигит.
             — Туохпутунан барабыт ол? Аппытын Коля илдьэ барбыта, биир мо-
         тоциклбытын эһиги. Уонна субу эрэ оһоллонно, ону ити сүбэлэһэ сатыы
         олоробут.
             — Иэдээн да буолар эбит, хайыыбыт?
             Данила ону истэ-истэ икки санна ыгдараҥнас. Ону көрөн Костя тэптэ-
         рэр үһү: “Уйбаан, дьэ, киһибит өлөн эрэр быһыылаах, ити иҥиир-ситиитин
         таттаран эрэр. Уйбаан, чэйиий, киһибитин быыһаан көрүөх”. Тракторист
         мотоциклга ыстанар. Онуоха Костя кэнниттэн ыһыытыыр: “Баһылаай, тох-
         тоо-тохтоо, оонньоон эттибит!”
             —  Хайдах?!
             —  Иван Петрович, бырастыы гын, оонньообуппут оҕус буола сыста.
         Аны итинник оонньуохпут суоҕа.
             Уйбаан эрэйдээх балайда кэриҥэ дөйөн турбахтаан баран: “Оо, дьэ,
         сордоох да дьоҥҥут" -  эрэ диэхтиир.


                                  Баспытаатал Өлөөнчүк

             Балтыбыт  барахсан  күөгэйэр  күнүгэр  сылдьан,  үлэтин-хамнаһын
         өрөгөйүгэр олорон,  олус да хомолтолоохтук биһиги ортобутуттан ба-
         раахтаабытыҥ...
             Арай  биһигини  билигин  арыычча  уоскутар,  аһыыбытын  эмтиир  -
         эн бу күн сиригэр чахчы дьоһуннук олорон ааспытыҥ.  Эйиэхэ барыта
         баара: тапталлаах дьиэ кэргэҥҥэ нус-хас олох, сөбүлүүр үлэ,  киһиэ-
         хэ күн аайы тиксибэт,  көстүбэт үтүөкэннээх дьүөгэлэр, доҕоттор, ай-
                                                                               119
   118   119   120   121   122   123   124   125   126   127   128