Page 91 - Бэстэрикиэптэр. Олох салҕанар
P. 91

Бэстэрикиэптэр.  Олох  салҕанар
          бэйэбит кыахпытынан  үлэлээн-хамсаан  хайы-үйэ сааһырбыт дьон  кэк-
          кэтигэр киирдибит.
              Петр  Петрович  оҕону хайдах эрэ  бэйэтигэр тардар,  ытыктатар эта.
          Учуутал аатын,  кырдьык даҕаны, үрдүктүк тутан улэлээн-хамсаан ааспыт
          киһи.
              Калин балайда улаатан баран бииргэ улэлээн, алтыһан, ыаллыы оло-
          рон Петр Петрович киһи быһыытынан майгытын өссө билэн, кинини ытык-
          тыырым улааппыта.
              Бодоруспут киһитин кытта бу үөрэппит оҕом, эдэр киһи диэн сэнээ-
          бэккэ бэйэтин тэҥнээҕин курдук олох араас боппуруостарыгар кэпсэтэ-
          рин  сөбүлүүрэ.  Көрдөөх түгэннэри,  булт туһунан  кэпсэтэри  биһириирэ.
          Бэйэтэ бултуура,  балыктыыра.  Сарсыарда аайы эбэбититтэн  илимнээн
          балык таһааран сибиэһэйдии буһаран баран кэпсээммит өссө элбиирэ.
          Кини  кэргэнэ  Мария  Петровна  уон  оҕолоох  Герой  Ийэ  -   биһиги  биир
          убаастыыр  учууталбыт олохтон  эрдэ  елен  туораан,  Петр  Петрович  уон
          оҕотун бэйэтэ иитэн, уерэттэрэн олох суолугар уктэннэртээбитэ. Ол кур­
         дук кини оҕолоро республикаҕа да, улууска да биллэр дьон, таһаарыы-
         лаахтык улэлии-хамсыы сылдьаллар. Кини бэйэтин кэмигэр сурдээх ак-
         тыыбынай позициялаах, туспа көрүүлэрдээх киһи этэ. Оҕо сылдьан биир
         түгэни ордук өйдөөн хаалбыппын билигин сөҕө саныыбын. Бөһүөлэктэри
          бөдөҥсүтүү кэмнэригэр, оччотооҕу олохтоох былаас сыыһа политикатын
         утарсан, мөккүһэн (төһө да коммунист буоллар), ол сыыһаны көннөттөрөөрү
          Москва куоракка Н.С.Хрущевка суругу В.И.Охлопковтыын мин аҕам дьиэ-
         тигэр олорон суруйбуттарын өйдүүбүн. Бу хорсун быһыы оччотооҕу кэмьгэ
         чахчы патриот, кырдьыксыт, дьонтон тахсыбытын ейдуубун.
              Мин бу кылгас ахтыыбын  Петр Петрович Пестряков бэйэтин кэмигэр
         тыа  сирин  интеллигенциятын  бары  ертунэн  сайдыылаах,  билиилээх-
          көрүүлээх бастыҥ бэрэстэбиитэлэ этэ диэн тумуктуубун.


                                                                   С .И .Г О В О Р О В ,
                                                 У у с -А л д а н   у л у уһ у н   архит ект ора.
                                                           2 0 0 2   сы л,  ку л у н   тутар.
                                                           Б о р о ҕ о н   сэл иэнньэт э.


                                                                                 87
   86   87   88   89   90   91   92   93   94   95   96