Page 151 - Ульяна Винокурова. Е. П. Жирков Сайдыы суолун солоон...
P. 151

Улахан  политика  эйгэтигэр


       ылыллан,  национальнай  региональнай  хабааннаах  го-
       сударственнай  үөрэх  систематын  тэрийэргэ  үлэ  барар.
       Ол —  Концепция  кэҥээһинэ диэн көрөбүн.
           -  Политическай  деятеллэр  “кистэлэк  сүбэһит-
       тээх” буолаллар дииллэр.  Эйиэхэ кистэлэҥ сүбэһит  баар
       дуо?
           -  Суох,  билиҥҥитэ  суох.  Табыллан,  дьүөрэлэһэн
       бииргэ  үлэлиир  дьонноохпун.  Кэнники  сылларга
       киэҥ-модун санаа олоххо киирэригэр өйдөһөн,  өйөһөн
       үлэлиир дьону министерство да  иһинэн,  университек-
       ка,  учууталлар,  үөрэх  эйгэтин  үлэһиттэрин  ортотугар
       элбэҕи  көрсөбүн.  Кинилэри  кытта  дьүөрэлэһэн  үлэ-
       лиирбин үчүгэйдик саныыбын,  үрдүктүк тутабын.  Он-
       нук үлэҕэ  “кистэлэҥ сүбэһит”  наадатын  көрбөппүн.
           -  Егор  Петрович,  дъоһуннаах сэһэргэһиин  иһин мах-
       танабын.
           Бэйэм  санаабын  эттэхпинэ,  Егор  Петрович  тас
       көрүҥүнэн  өйө-санаата,  толкуйа  ханна  эрэ  үөһэ,
       ыраах эйгэнэн кырыйа көтө сылдьар курдук.  Ол гынан
       баран  кэпсэтэн,  сэһэргэһэн  киирэн  бардаххына,  бы-
       лыргы муударай дьон тэҥэ, аргыый аҕай арыллан иһэр
       сытыы өйдөөх-санаалаах  киһи.  Бу кэпсэтиигэ  ол  эмиэ
       биллэр.
           Иккиһинэн,  кинини  толкуйу  эрэ  тобулар  киһи
       курдук  сыаналыыр  тутах.  Ону  оргуйан  туран  олоххо
       киллэрэр,  дьон  санаатын  ылыннарыылаах  тылынан-
       өһүнэн,  үлэтинэн-хамнаһынан  түмэ  тардар  дьоҕур-
      дааҕын  төрүт  омуктар  оскуолаларын  уларыта  тутууга
       ыыппыт үлэтэ-хамнаһа  көрдөрөр.
           Үсүһэ,  кини  бэйэтин  толкуйугар,  сайдыытыгар,
       киэҥ билиитигэр тирэҕирэн, төһө даҕаны улахан утар-
       сыыга  утары  турар  бигэ  ис  туруктаах  киһи.  Оннук
       кыаҕын  Концепцияны  олоххо киллэриигэ да,  Саха Ре-
       спубликатын  Конституциятын  ылыныыга  да,  атын  да

                                   139
   146   147   148   149   150   151   152   153   154   155   156