Page 192 - Ульяна Винокурова. Е. П. Жирков Сайдыы суолун солоон...
P. 192

II түһүмэх.  Өркөн  өй  күүһэ

        саҥа үөскээн эрэр.  Региональнай сибээс баар буолуох-
        таах.  Бэйэбитин  билсэн-көрсөн,  тыа  хаһаайыстыбан-
        най  улуус  промышленнай  улууһу  кытта  куомунна-
        һыахтаах. Дьыалабыай,  хаһаайыстыбаннай сибээс олох
        саҥалыы,  күүскэ тахсыан наада.


                                               Е.Жирков


                          ЭДЭР  ДЬОНШ )
                                 (эгэ тыл)
                      Билиҥҥи ыччат
                  Бу
                      Туохха да наадыйбат,,
                      Интэриэһэ кыра,
                      Инникини толкуйдаабат,
                      Мээнэ сылдьар
                                            диэҕи
                                 - сөбүлэспэппин.

                      Билэбин -
                  Баар
                      Ыччат киһи
                      Бүтэй бүгэн сылдьара,
                      Өһүллэн-аһыллан испэтэ,
                      Киниэхэ күлүм санаа
                      Күүскэ оонньообото,
                      Өй-толкуй
                                 ситэ сайдыбата.

                      Ол эрэн
                  Көрөбүн
                      Мин эдэр дьоҥҥо
                      Сырдык кэрэ дууһаны,
                      Ыраас ыра санааны,
                       Ис сүрэхтэн иэйиини...


                                    180
   187   188   189   190   191   192   193   194   195   196   197