Page 9 - В.Н. Леонтьев диэн кимий. Баһылай Бырдьахаанап.
P. 9

ТАЛААННААХ  КИҺИ  ОЛОҔУ КИЭРГЭТЭР

        В.Н.Протодьяконов  үөрэххэ  дьо-
     ҕурдаах,  айыдҕаттан  айдарыыдаах  ки-
     һи атын дьарыкка араддьыйбакка, тоҕо
     саха омугун дьыдҕатын кыһалҕа оҥос-
     тубута,  олоҕун  ол  уустук  боппуруоска
     анаабыта буолуой? Ким кинини итин-
     нэ  туһаайбытай  (Василий  Никитич:
     миигин ким да «оннук буол» диэн эп-
     пэтэҕэ диир.  — Г.Ф.)?
        Оҕо  сааһыгар  ийэлээх  аҕата  эрдэ
     өлөннөр  тулаайах  хаалбыта.  Чугас  ай-
     махтара, ордук эдьиийэ көрөн-харайан,
     көмөлөһөн үөрэммит. Үөрэххэ сыстаҕас    Вася  Протодьяконов
     буолан, сэттис кылааһы хайҕал грамота-   Чөркөөх оскуолатын
     лаах бүтэрэр.  Оччотооҕу сиэринэн тал-   сэттис кылааһын
     быт орто үөрэххэ эксээмэнэ суох киирэн   үөрэнээччитэ.  1950 с.
     үөрэнэр  бырааптаммыта.  Алданнааҕы
     Хайа  училищетыгар  баран  үөрэнэр  санаа  киирэ  сылдьы-
     быта:  истипиэндьийэтэ  түөрт  мөһөөх  (медсестра  эдьиийин
     хамнаһыгар тэҥ),  босхо  аһаталлар,  таҥыннараллар...  Эдьии­
     йэ  Таанньа  ону  сөбүлээбэтэх:  «Дьокуускайга  педучилшцеҕа
     киир», — диэн сүбэлиир. Эдьиий тыла — сокуон!
        Училищеҕа  түөрт  сыл  үөрэнэн,  алын  кылаас  учуутала
     уонна  пионер-баһаатай  идэтин  ылар.  Ол  дьыл  Сэбиэскэй
     армияҕа  ыҥырыллар...  1956  с.,  сулууспалыы  сылдьан,  дой-
     дутуттан:  «П.А.Ойуунускай  тилиннэ»,  —  диэн  үөрүүлээх
     сураҕы  истэр.  Арааһа,  ити  кэмтэн  саҕаланнаҕа  буолуо,  Са­
     ха  буоларынан  киэн  туттуу,  саханы  сайыннарарга  олоҕун
     аныыр баҕата.
        1957  с.,  армияттан кэлээт,  Саха государственнай универ-
     ситетыгар  саҥа  арыллыбыт  саха  тылын  салаатыгар  үөрэххэ
     киирэр.
                                                               5
   4   5   6   7   8   9   10   11   12   13   14