Page 258 - Кун кууьар хайатыттан
P. 258
А к ы л б е к. Оо, уолчааным, уолчааным... Чэ, сарайбыты-
гар баран маета эрбиэх.
Дженишбек. Эчи элбэҕэ да бэрт эбит. Маны барытын
эрбиибит дуо?
А к ы л б е к. Биһиги итини сотору бутэриэхпит.
Дженишбек. Хантан, бүтүн күнү быһа муҥнаныахпыт.
А к ы л б е к. Сотору бүтэриэхпит. Мин эрбиини сытыы-
лаабытым аҕай, олох бэйэтэ хаамар гына.
Дженишбек. Эһээ, сарсын эрбээбэппит дуо? О-ох,
миигин олох кэһэппиттэр быһыылаах, аата манан ыалдьарын.
Айака да, бу манан наһаа ыалдьар. Эһээ, сарсын үлэлиэх, сө-
бүлэһэҕин? Сөбүлэс, сөбүлэс.
А к ы л б е к. Оо дьэ, муҥнаах киһигин. Чэ буоллун. Өйүҥ-
санааҥ барыта оонньуу. Баҕар, эн этэриҥ курдук буоллун эрэ!
Дженишбек. Ураа!
Таһырдьа ыстанар. Шершеке учууталы көрөн дьиэ кэннигэр саһар.
Ш е р ш е к е учуутал киирэр.
Ше р ш е к е. Үтүө күнүнэн, аксакал!
А к ы л б е к. Оо, дорообо, учуутал! Эйигин көрөрбүттэн
үөрэбин!
Ше р ш е к е. Истэргэ үчүгэй!
А к ы л б е к. Оо, дьаат кыыллара, киэр барыҥ! Топпот
үөннэр! Бу тоҕо тиийэн кэллилэр? Майраш, Майраш! Бу ко-
залары кылгас гына баай эрэ. Үөдэн түгэҕэр түһэн хааллыҥ!
Аһынаммын аһыы түстүннэр диэн уһун гына өртөөбүтүм,
арык таһыгар мэччийиэхтэрэ дии санаабытым, бу кэлэн дьаа-
быланньаны тэпсэн эрэллэр. Дьэ эрэйдээх кыыллар. Сыл
аайы дьаабыланньа олордобут, хаһан эрэ оҕолор туһаныахта-
ра диэн. Ону бу кыыллар сүгүн туруорууһулар дуо, эрэйдээх
кыыллар. Бу кэбилээтэхтэрин! Ол улахан дьаабыланньаны
көрөҕүн дуо?
Ше р ш е к е. Көрөбүн.
А к ы л б е к. Ити мин Болотбегым олордубут дьаабылан-
ньата. Бэйэтэ тутан-хабан сэрии буолуон биир сыл иннинэ
олордубута. Көр, бэҕэһээ ити кыыллар, сүнньүлэрин тосту
түспэттэр ээ, хатырыгын барытын кирэн кэбистилэр... Эн,
арааһа, соруктаах буолан кэллэҕин буолуо? Дьиэҕэ киириэх,
онно кэпсэтиэхпит.
256

