Page 259 - Кун кууьар хайатыттан
P. 259
Ш е р ш е к е. Бырастыы гын, мин олус тиэтэйэбин.
А к ы л б е к. Хайыахпытый, манна да кэпсэтиэх, истэбин.
Ш е р ш е к е (оонньуурдуу). Туох диэ этигиний, мин эйиэ-
хэ дьыала тэрийэрим буоллар?
А к ы л б е к (оонньоһордуу). Хайдах дьыалатыттан тутулук-
таах. Ол эрээри маҥнай дакаастаа, онтон дьыалаҕын тэрий!
Ш е р ш е к е. Билигин оҕолор каникуллара, оҕолор бары
холкуостарыгар көмөлөһөллөр, от кэбиһэллэр...
А к ы л б е к. Мин сиэним тоҕо онно суоҕун билиэххин
баҕараҕын быһыылаах?
Ше р ш е к е. Оннук, билиэхпин баҕарабын.
А к ы л б е к. Мин кинини үлэҕэ ыыппаппын.
Ше р ш е к е (үөннээхтик). Ама дуу? Хайдах да оннук буо-
луон сатаммат, аксакал!
А к ы л б е к. Кини олус кыра ээ, ону эн өйдүөҥ этэ. Уҥуо-
ҕа кытаата илик, итиигэ-куйааска үлэлэтиэхтэрэ, сарсыардат-
тан киэһээҥҥэ диэри хара көлөһүнэ тохтуо. Оҕону кэмигэр
аһатар наада. Дженишбекка эппитим, эрэйдэнимэ диэбитим.
Ш е р ш е к е. Аксакал, эн көнөтүнэн эт, сиэҥҥин олус
харыстаабыта буолан буорту оҥороору гынныҥ. Туту бары-
тын оҥороро көҥүлэ буолла. Бу ыал саадыгар киирэн дьаабы-
ланньаларын алдьатар. Эн буоллаҕына билэ-билэ билбэтэх
курдук туттаҕын. Эбэтэр туту да оҥороро көҥүл дии саныы-
гын дуу?
А к ы л б е к. Эн хайдах буоллуҥ! Бу бэйэбит саадпыт дьаа-
былаката дии, бэйэлэрэ түспүттэрэ сытар. Ону хомуйа сатыы
турабын.
Ше р ш е к е. Эн таах сиэнтгин көмүскэһээхтиигин. Үөрэ-
ҕэр олох мөлтөөтө. Быйыл кылааһыгар хаалар туруктаах эбэ
тэр биир предмеккэ күһүҥҥү эксээмэн туттарыан наада.
А к ы л б е к. Тыый, тугу-тугу кэпсиигин?!
Ше р ш е к е. Үөрэҕин өссө көннөрүөн сөп. Саамай кут-
таллааҕа — олус бэйэмсэх, туту да билиммэт киһи буола улаа-
тан эрэр. Эн олус көмүскүүргүн, атаахтатаргын тохтоппотох-
хуна, хайдах киһи буола улаатара биллибэт.
А к ы л б е к. Дьэ, уолчаан... Эн сөпкө этэҕин... Мин бэйэм
да барытын билэбин, сэрэйэбин ээ. Сиэним оҕолортон ураты
туспа-туора оҕо буолан иһэрэ миэхэ туох үчүгэйдээх буолуой?
Мин туту да оҥорор кыаҕым суох. Ити уол мин соҕотох баа-
257
17-18

