Page 104 - Курбуьахтар А5а дойду кемускэлигэр
P. 104

Курбуһахтар Аҕа дойду көмүскэлигэр




                                 КОПЫРИН ИВАН НИКОЛАЕВИЧ
                                               (1926-1995)

                                          1926 сыл кулун тутар 11 күнүгэр I Курбуһах
                                      нэһилиэгэр Ньылла алааска Николай Андреевич
                                       уонна Мария Спиридоновна Копыриннар дьиэ кэр-
                                       гэннэригэр төрөөбүт. Оччотооҕу оҕо сиэринэн кыра
                                       сааһыттан үлэҕэ эриллэ улааппыт. «Кыһыл хар-
                                      дыы» холкуоска чилиэнинэн киирэн араас үлэлэргэ
                                       сылдьыбыт. Сэрии кэминээҕи сут, кураан дьыллар-
                                       га Нам оройуонун Таастааҕар баран оттоон, кыс-
                                      таан олорбуттар.
                                          Аармыйаҕа 1945 сыл сааһыгар ыҥырыллыбыт
                                       уонна илиҥҥи кыраныыссаҕа сулууспалаабыт. Япо-
               нияны утары сэрии саҕаламмытыгар Маньчжурияны босхолооһуҥҥа кыт-
               тан онно хаалбыт хунгузтар баандаларын суох оҥорууга сылдьыспыт.
                  «Японияны кыайыы иһин», «1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр
               килбиэннээх үлэтин иһин», Кыайыы үбүлүөйүнэй мэтээллэринэн наҕараа-
               даламмыт.
                  Ытык иэһин толорон 1950 сыллаахха дойдутугар эргиллэн кэлбит. Тута
               Мүрү орто оскуолатыгар киирэн үөрэммит. Ол кэнниттэн бэтэринээр буо-
               лар баҕалааҕын толорон Төҥүлүтээҕи ОПТУ-га анал кууруска үөрэнэн
               ветфельдшер идэтин ылан дойдутугар кэлэн үлэтин саҕалаабыт. Үлэлии-
               үлэлии салгыы Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумугар
               үөрэнэн орто анал үөрэхтээх исписэлиис буолбут. Бу идэтинэн уһун сыл-
               ларга таһаарыылаахтык үлэлээбит.
                  1962 сыллаахха бэтэринээр идэлээх, Өлүөхүмэттэн төрүттээх Ефроси­
               ния Афанасьевна Сухонинаны кэргэн ылан оҕо-уруу төрөтөн, элбэх сиэни
               көрөн дьоллоох олоҕу олорбуттара.

                    Үлэлээбит кэрэ кэмнэрбит : Ветеринария историятыттан кэрчиктэр.— Бороҕон,
                    2011.— С. 13-15.












               102
   99   100   101   102   103   104   105   106   107   108   109