Page 100 - Курбуьахтар А5а дойду кемускэлигэр
P. 100

1



                      Курбуһах.т.ар ^i^a дойду көмлускэлагэр

           КЫАИЫЫ!
                           КАРМАНИЛОВ НИКОЛАЙ МИХАЙЛОВИЧ
                                              (1906-1944)

                                          1906 сыллаахха II Курбуһах нэһилиэгэр Бала-
                                      ҕаннаах Куулдьатыгар Михаил Петрович, Агафья
                                      Алексеевна (Соломова) Карманиловтар дьиэ кэр-
                                      гэннэригэр төрөөбүт.
                                          Николай (Муоччут Ньукулай) 1942 сыл атырдьах
                                      ыйын 20 күнүгэр Чурапчы оройуонун байыаннай
                                      комиссариатынан ыҥырыллан уоттаах сэриигэ бар-
                                      быт. 1944 сыллаахха тохсунньу ыйга Москва анны-
                                      гар сэрии толоонугар охтубут.
                                          Соҕотох кыыһа Пестрякова (Карманилова) Да­
                                      рия Николаевна Уус Күөлүгэр бочуоттаах сынньа-
               лаҥҥа олорор. Карманилов Н. М. олоҕун элбэх сиэн уонна хос сиэн сал-
               гыыллар.

                    Бахсылыырап, У. Сэрии ыар сыллара: хаһыҥ хаарыйбыт дьонноро / Уйбаан Бах-
                    сылыырап,— 2 кинигэ, — Дьокуускай, 2015. — С. 225-226.
                    Тыылга Кыайыыны уһансыбыт курбуһахтар / «Курбуһах нэһилиэгэ» муницип.
                    тэриллии дьаһалтата; Н. С. Пестряков аатынан Уус Күөлүнээҕи модель, б-ка.—
                    Дьокуускай, 2020,— С. 157-159.



                                КАРМАНИЛОВ СЕМЕН ЕГОРОВИЧ
                                               (1918-1943)


                                          1918 сыллаахха II Курбуһах нэһилиэгэр Егор
                                       Петрович Карманилов уонна Анна Ефимовна Гуля­
                                       ева дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүт.
                                          Васильев Павел Алексеевич кэпсииринэн: «Сэ-
                                      мэн ортокуну үрдүнэн уҥуохтаах, толору эттээх-
                                       сииннээх, бэйэтин кыанар киһи эбит. Кини 70 кг
                                      ыйааһыннаах бурдук куулун сүгэн баран 3 км сиргэ
                                       сынньаммакка, дьөрү аҕылаан да көрбөккө тиийэ-
                                      рэ». Кыра үөрэхтээх буолан сэрии иннинэ биригэ-
                                      дьиирдээбит, холкуос бары үлэтигэр бастыҥнар
                                      кэккэлэригэр сылдьыбыт.
                  1942 сыл балаҕан ыйын 7 күнүгэр Чурапчы оройуонун байыаннай ко-
               98
   95   96   97   98   99   100   101   102   103   104   105