Page 129 - Курбуьахтар А5а дойду кемускэлигэр
P. 129

Kllm да умнуллубат, туох да уммулмубат!



          дыапсыгынан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Кини ханна да үлэлээтэр,
          итэҕэстэргэ эйэлэспэт, артыал үлэтин хамнаһын туругурдар туһугар оло-
          ҕун, үлэтин бүтүннүүтүн анаабыт бассабыыктыы үтүө майгылаах киһинэн
          биллэр.
              Аҕа дойду Улуу сэриитигэр көрдөрбүт хорсун быһыыта «Бойобуой
          үтүөлэрин иһин» мэтээлинэн бэлиэтэммит. «1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу
          сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин», Кыайыы үбүлүөйүнэй мэтээллэ-
          ринэн уонна Аҕа дойду сэриитин I истиэпэннээх уордьанынан, махтал су-
          руктарынан наҕараадаламмыт.
              Гоголева Марфа Михайловналыын холбоһон Быччыылыкка олорбутта-
          ра, оҕолорун атахтарыгар туруоран үлэһит оҥортообуттара. Кинилэр олох-
          торун элбэх сиэн, хос сиэн салгыыллар.
              Афанасий Николаевич 79 сааһыгар 1988 сыллаахха ыалдьан өлбүтэ.

                Охлопков, А. Эйэ, дьол көмүскэлигэр / Афанасий Охлопков // Ленинскэй тэри-
                йээччи,— 1982, — Ахсынньы 4 к.
                Окоемов, П. Курбуһахтар кыргыс хонуутугар / Павел Окоемов // Мүрү саһарҕа-
                та,— 2015,— От ыйын 29 к, —С. 3.
                Аммосова, М. Фронтовик кыыһа / Мария Местникова // Муру саһарҕата,— 2020,—
                Муус устар 17 к.— С. 8.




                          МЕСТНИКОВ ГАВРИЛ ИОСИФОВИЧ
                                          (1915-1999)

              1915 сыллаахха I Курбуһах нэһилиэгэр Истээх
          алааска Михаил Тимофеевич уонна Мария Васи­
          льевна Местниковтарга төрдүс оҕонон төрөөбүт.
          Уолу аҕатын аймаҕар Иосиф Антонович Местни-
          ковка түөрт саастааҕар ииттэрэ биэрбиттэр. Иип-
          пит дьоно Битиэттинигэ олорбуттар.
              1934 сыллаахха Курбуһах 4 кылаастаах оскуо-
          латын үөрэнэн бүтэрбит, үөрэнэ сылдьан комсо-
          молга киирбит. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан холкуос-
          тарга дохуот түҥэтигэр, үлэ күнүн суруйуутугар
          көмөлөһөрө, нэһилиэккэ үөрэхтээһини тэрийиигэ,
          ыраас олох иһин үлэҕэ үгүстүк сүүрбүт-көппүт, агитациялаабыт.
              1934 сыллаахха сайын комсомол райкома Гаврилы эргиэн үлэтигэр
          ыыппыт. Бастаан Бороҕон сельпотун киин маҕаһыыныгар атыыһытынан
                                                                                    111
   124   125   126   127   128   129   130   131   132   133   134