Page 166 - Курбуьахтар А5а дойду кемускэлигэр
P. 166
Курбдһахтар дойду көмцсиэлыгэр
КЫАИЫЫ!
ПЕСТРЯКОВ ФИЛИПП ИВАНОВИЧ
(1918-1943)
1918 сыллаахха II Курбуһах нэһилиэгэр Кэссиэ
үрэҕэ диэн Бахсы сиригэр Иван, Софья Пестряковтар
дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүт. Курбуһах оскуолатыгар
сэттэ кылааһы үөрэнэн бүтэрбит. Хамыдал уонна Ха-
ларык Толооно сайылык оҕолорун кытта тэҥҥэ оон
ньоон улааппыт. Аҕалара өлөн эрдэ тулаайах хаалбыт.
Сэриигэ 1942 сыл атырдьах ыйын 20 күнүгэр Нам-
нааҕы байыаннай комиссариатынан ыҥырыллан бар-
быт. 16 стрелковай полк 2 стрелковай биригээдэтигэр
сэриилэспит. 1943 сыл бэс ыйыгар өлбүт. Көмүллүбүт
сирэ биллибэт.
Ийэтэ Софья Даниловна Пестрякова уолун туһунан биллэриини тутаат
сотору өлбүт. Филипп Иванович туһунан докумуоннар, фронтан суруйбут
суруктара хараллыбакка сүппүттэр. Кэргэн ылбакка сылдьан сэриигэ өлбүт.
Хаарыан сайылыкпыт Халарык Толооно : сырдык ааттар, ыра санаалар. — Дьо
куускай, 2020,— С. 54.
ПОРТНЯГИН ДЕНИС ИЛЬИЧ
(1926-1995)
1926 сыл кулун тутар 12 күнүгэр I Курбуһах
нэһилиэгэр Тэнэн диэн үрэх халдьаайытыгар оло-
рор Тарабукин Степан Иванович дьиэ кэргэнигэр то
рообут. Бииргэ төрөөбүт иккиэлэр. Дениһи 3 саас-
тааҕар Кэттики алааска олорор, оҕото суох Илья
Портнягиҥҥа иитиэх биэрбиттэр.
Балта Акулина Бороҕоҥҥо Мүрү оскуолатын
сэрии сылларыгар үөрэнэн бүтэрэн баран, атыы-
лааччы идэтин ылан Түүлээххэ үлэлээбит. Онно
кэргэн тахсан, оҕолонон Кыллаайыга олохсуйбут.
Денис Курбуһах оскуолатын 4 кылааһын үөрэнэн
бүтэрбит. «Кыһыл хардыы» холкуоска араас үлэҕэ үлэлээбит. Трулина Ека
терина Васильевнаны кэргэн ылбыт, оҕоломмотохтор, кэргэнэ эрдэ өлбүт.
1944 сыл кулун тутар 12 күнүгэр Нам байыаннай комиссариатынан
148

