Page 197 - Курбуьахтар А5а дойду кемускэлигэр
P. 197
Ким. да умнуллубат, туох да улшуллубат!
КЫАИЫЫ!
УШНИЦКАЙ ИВАН МАТВЕЕВИЧ
(1910-1943)
1910 сыллаахха I Курбуһах нэһилиэгэр Ньүөкү-
нүгэ Матвей Васильевич уонна Софья Егоровна
Ушницкайдар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүт.
4 кылаас үөрэхтээх, ССКП чилиэнэ. 1929 сылтан
холкуоска үлэлээбит. 1936-1938 сылларга «Ньүөкү-
нү» холкуос бэрэссэдээтэлинэн ананан үлэлээбит.
1942 сыл бэс ыйын 22 күнүгэр Чурапчы оро-
йуонун байыаннай комиссариатынан ынырыллан
сэриигэ барбыт. 16 стрелковай полк 18 хайыһар би-
ригээдэтигэр сэриилэспит.
1943 сыл сэтинньи ыйга кыргыһыы толоонугар
охтубут. Өлбүтүн туһунан биллэриини дьоно 1943 сыллаахха туппуттар.
Көмүллүбүт сирэ биллибэт. Кэргэнэ, оҕото суох.
Ховров, И. Р. Ньүөкүнүлэр, Моххолор түмсэн / И. Р. Ховров, Д. И. Пухов. — Дьокуус-
кай, 2005,- С. 13.
УШНИЦКАЙ НИКОЛАЙ ИННОКЕНТЬЕВИЧ
(1900-1979)
1900 сыллаахха I Курбуһах нэһилиэгэр Ньүө-
күнү Мэндиэмэн диэн алааһыгар Ушницкай Инно
кентий Амосович уонна Окоемова Татьяна Мака
ровна дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүт.
1931 сыллаахха саҥа тэриллибит «Ньүөкүнү»
холкуоска чилиэнинэн киирэн Николай Иннокен
тьевич төһүү үлэһит буолбут. Холкуоска бастакы
стахановецтар кэккэлэригэр киирсибит. Ферма сэ-
биэдиссэйинэн, биригэдьииринэн, кыладыапсыгы-
нан үлэлээбит. Бастакы кэргэнэ Кычкина Татьянат-
тан кыыстаах уол оҕоломмут.
Үрэх баһыгар оттуу сылдьан, 1941 атырдьах ыйын 11 күнүгэр, бэбиэс-
кэ тутан Аҕа дойдуну көмүскүү уоттаах сэриигэ аттаммыт. Иркутскай
уобалас Мальта станциятыгар 2 ый байыаннай лааҕырга үөрэнэн баран
Московскай уобаласка тиийбит. Хоро нэһилиэгин ыччата Бурцев Алексей
179

