Page 193 - Курбуьахтар А5а дойду кемускэлигэр
P. 193
Кам да умнуллубат, туох да умнуллубат!
КЫАИЫЫ!
ССРС Верховнай Сэбиэтин Президиумун 1945 сыл атырдьах ыйын
26 күнүнээҕи ыйааҕынан Трулин Е. К. Аргунь өрүһү, Хинган хайаларын
туорааһыҥҥа хорсун быһыыны көрдөрбүтүн иһин, «Бойобуой үтүөлэрин
иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыт.
Сэрииттэн 1945 сыллаахха кэлэн холкуоһугар үлэлээн барбыт. 1958 сыл-
лаахха кэргэннэммит. 1961 сыллаахха кэлэн Дьокуускай таһыгар Тулагы
бөһүөлэгэр көһөн олохсуйбут уонна «Дьокуускай» сопхуоска өр кэм устата
ньирэй көрөөччүнэн, бостуугунан, заправщигынан, кочегарынан үтүө суо-
бастаахтык, ситиһиилээхтик үлэлээбит.
Бэртээхэй үлэһит, көрсүө-сэмэй саха киһитэ, хорсун сэрииһит 84 сааһы-
гар ыалдьан олохтон туораабыт.
Ховров, И. Р. Ньүөкүнүлэр, Моххолор түмсэн / И. Р. Ховров, Д. И. Пухов. — Дьокуус
кай, 2005,- С. 54.
ТРУЛИН МИХАИЛ ПЕТРОВИЧ
(1918-2001)
1918 сыллаахха I Курбуһах нэһилиэгэр Ньүөкү-
нүгэ Петр Иванович уонна Елена Прокопьевна Тру-
линнар дьиэ кэргэннэригэр сэттэ кыыс ортотугар
соҕотох уол оҕо буолан төрөөбүт. Кыра эрдэҕиттэн
сытыы-сымса, чобуо тыллаах-өстөөх эбит. Танда
оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан табаарыһа Баал Ха-
бырыыстыын хоһоон суруйара, бэрт хомоҕой тыл-
лаах-өстөөх хоһоонньутунан биллэр эбит. Үөрэҕи
ылымтыа уол оччолорго сэттис кылааһы биир да
сыл хаалбакка, ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбит.
1937-1938 сылларга Дьокуускай куоракка суоч-
чут үөрэҕэр үөрэммит уонна «Ньүөкүнү» холкуоска суоччутунан үлэлээ-
бит. Кини бэйэтин кыанар, кус-быһый, илиитигэр да күүстээх эбит. Уон
сэттэ сааһыгар маҥнайгы кэргэнин Готовцева Евдокияны кэргэн ылан, үс
уол оҕоломмут.
Аҕа дойду көмүскэлигэр 1941 сыл балаҕан ыйын 2 күнүгэр Чурапчы
оройуонун байыаннай комиссариатынан ыҥырыллан барбыт. Чита куорат
Антипиха станциятыгар байыаннай үөрэҕи ааһан, сэтинньи ый 20 күнүгэр
Харьков куораты көмүскээһиҥҥэ Купянскай станцияҕа уонча күннээх түүн
салҕанан барбыт кырыктаах кыргыһыыга кыттыбыт.
175

