Page 34 - Курбуьахтар А5а дойду кемускэлигэр
P. 34

Кцрбуһах.тар ;Дг,а дойди/ көлщскэлигэр

           КЫАЙЫЫ!
                               АММОСОВ МИХАИЛ МИХАЙЛОВИЧ
                                               (1925-2011)
                                          1925 сыл от ыйын 25 күнүгэр II Курбуһах нэһи-
                                      лиэгэр Хамыдалга Михаил Семенович уонна Варва­
                                       ра Александровна Аммосовтар дьиэ кэргэннэригэр
                                       төрөөбүт. Кыра сааһыттан оҕус сиэтэн сир хорутуу-
                                       тугар, от үлэтигэр дьонугар көмөлөһөн улааппыт.
                                       1941 сыллаахха Курбуһах 7 кылаастаах оскуолатын
                                       бүтэрэн, холкуоска үлэһит буолбут.
                                          1943 сыл от ыйын 1 күнүгэр Чурапчы оройуонун
                                       байыаннай комиссариатынан ыҥырыллан фроҥҥа
                                       барбыт. 18 саастаах эдэркээн уол Забайкальскай ба­
                                       йыаннай уокурук 17-с армиятыгар 356 №-дээх киин
                                       байыаннай ыскылаатыгар сулууспатын саҕалаабыт.
                                       1947 сылтан 55-с туспа Хинганскай полк Кыһыл
                                       знамялаах 1-гы батальонугар сулууспалаан баран,
               1948 сыллаахха демобилизацияламмыт.
                  Сэрииттэн кэлээт 2 сыл устата Дьокуускайга Лена өрүс пароходство-
               тыгар военизированнай чааска үлэлээбит. 1950 сыллаахха ис дьыала орга-
               ныгар сулууспатын саҕалаабыт. Дьокуускайга, Уус Маайаҕа, Чурапчыга,
               Уус Алдаҥҥа паспортнай остуол начальнигынан, старшай следователинэн,
               ис дьыала отделын начальнигынан өр сылларга бэриниилээхтик үлэлээ-
               бит, милиция подполковнига. Үлэлии сылдьан Хабаровскайдааҕы милиция
               үрдүкү оскуолатын кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбит. 1974 сыллаахха пенсияҕа
               тахсан баран оройуоннааҕы типографияҕа дириэктэринэн, онтон райсовет
               исполкомугар социальнай харалта отделын сэбиэдиссэйинэн 1980 сыллаах­
               ха диэри ситиһиилээхтик үлэлээбит.
                  Уус Алдан оройуонун бочуоттаах олохтооҕо Аммосов М. М. Аҕа дойду
               сэриитин II истиэпэннээх уордьанынан, «Японияны кыайыы иһин», «Ми­
               лиция туйгуна» бэлиэнэн, «Ис дьыалаҕа эҥкилэ суох сулууспатын иһин» I,
               II, III истиэпэннээх мэтээллэринэн, Кыайыы үбүлүөйүнэй мэтээллэринэн
               наҕараадаламмыта.
                  Михаил Михайлович олоҕун оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салгыыллар.

                    Хамыдаллар: (ахтыылар). — Дьокуускай, 2013.— С. 29-36.
                                                      * * *
                    Албан ааттаах ытык кырдьаҕас : [Аммосов М. М. ахтыыта] // Мүрү саһарҕата,—
                    2008,— Тохсунньу 22 к.
               32
   29   30   31   32   33   34   35   36   37   38   39