Page 33 - Курбуьахтар А5а дойду кемускэлигэр
P. 33
Ким да умнуллубат, ту ох да умнуллубат! g Qjy
НЫАЙЫЫ!
Кэлин кэргэнин дойдутугар Байаҕантайга олохсуйан олорбуттар, оҕолом-
муттар. Билигин кинилэр олохторун сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салгыыллар.
Уус Алдан Албан ааттаахтара.— Бороҕон, 2015. — С. 9—11.
* * *
Васильев, С. Өбүгэтин үтүө аатынан / Сергей Васильев // Хотугу сулус,— 1974,—
№ 2.-С. 57-59.
Неустроева, Е. Бинтиэпкэнэн самолету суулларбыта / Екатерина Неустроева //
Мүрү саһарҕата, — 2005. — Ыам ыйын 7 к.
АММОСОВ МАКАР ГАВРИЛЬЕВИЧ
(1919-1962)
1919 сыллаахха II Курбуһах нэһилиэгэр Саба-
райга үс оҕолоох Гаврил Николаевич уонна Мария
Даниловна Аммосовтар дьиэ кэргэннэригэр төрөө-
бүт. Сүөһүлээх-астаах сэниэ ыаллар эбит. Ийэлэрэ
үһүс оҕотун оҕолоноору хаана баран өлбүт.
1943 сыл от ыйын 1 күнүгэр Чурапчы оройуонун
байыаннай комиссариатынан ыҥырыллан Илиҥҥи
фроҥҥа Забайкальскай байыаннай уокурукка тиий-
бит. Японияны утары сэриигэ кыттыбыт. 1946 сыл ку-
лун тутар 20 күнүгэр демобилизацияламмыт. «Япо
нияны кыайыы иһин», «1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу
сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээллэринэн наҕараадаламмыт.
Сэрииттэн кэлээт II Курбуһах нэһилиэгин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн
үлэлээбит, сэрииттэн айгыраабыт олоҕу чөлүгэр түһэрсэн, инники кэскил-
лээх олоҕу уһансыбыт.
1949 сылтан Чирэпчигэ ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит, ман-
тан төрүттээх Анна Николаевнаны кэргэн ылбыт, икки кыыс, икки уол оҕо-
лонон ньир-бааччы олорбуттар.
Бэйдиҥэҕэ, Майаҕаска сельсовет бэрэссэдээтэлинэн, советскай-партий-
най үлэҕэ сылдьыбыт. Сыырдаахха орто оскуола аһыллыбытын кэнниттэн
оскуола интернатын сэбиэдиссэйинэн 1958-1962 сылларга үлэлээбит.
Сэрии ыар тыына доруобуйатын айгыратан, баара-суоҕа 42 сааһыгар
эмискэ сүрэҕэ тохтоон, олохтон туораабыт, көмүс уҥуоҕа Сыырдаахха ту-
туллубут.
Хаарыан сайылыкпыт Халарык Толооно : сырдык ааттар, ыра санаалар / [хому-
йан оҥордулар Н. Е. Пестрякова, Н. Н. Пестряков]. — Дьокуускай, 2020. — С. 62-64.
31

