Page 54 - Курбуьахтар А5а дойду кемускэлигэр
P. 54
Курбуһахтар Аҕа дойду көмүскэлигэр
БОЧКАРЕВ НИКОЛАЙ НИКОЛАЕВИЧ
(1902-1974)
1902 сыллаахха I Курбуһах нэһилиэгэр төрөөбүт.
Нэһилиэккэ сэбиэскэй былааһы олохтооһуҥҥа көх-
төөх кыттыыны ылбыт. 1932 сыллаахха «Кыһыл
хардыы» холкуос бастакы бэрэссэдээтэлинэн та-
лыллан үлэлээбит. Сэриигэ ыҥырыллыар диэри Лө-
гөй нэһилиэгин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэ-
лээбит. Японияны утары сэрии кыттыылааҕа.
Аармыйаттан кэлэн оройуоҥҥа сэбиэскэй, ха-
һаайыстыбаннай салайар үлэҕэ, ол иһигэр Рыбтрест
салайааччытынан, уһун кэмҥэ үлэлээбит. Кэнники
Дьокуускай куоракка көһөн киирэн олохсуйбут. Сэ-
биэскэй партийнай оскуолаҕа хаһаайыстыбаннай чааска сэбиэдиссэйдээ-
бит. Кэргэнэ Аммосова Марфа Дмитриевналыын 2 кыыс оҕоломмуттар.
1974 сыллаахха биһиги кэккэбититтэн өлөн туораабыт.
Үөскээбит түөлбэм ыллыктара : «Кыһыл хардыы» холкуос историята / хомуйан
оҥордо Василий Копырин.— Курбуһах, 2000. — С. 3.
БУРНАШЕВ ВАСИЛИЙ ВАСИЛЬЕВИЧ
(1917-1942)
1917 сыллаахха I Курбуһах нэһилиэгэр Алаас
Үҥкүрүгэр Василий Иосифович уонна Анна Анто
новна Бурнашевтар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүт.
Молотов аатынан холкуоска Күөттүккэ атыы-
лааччынан үлэлээбит. Сэрии иннинэ Ховрова Ана
стасия Романовнаны кэргэн ылбыт.
1941 сыллаахха Чурапчы оройуонун байыан-
най комиссариатынан ыҥырыллан сэриигэ барбыт.
1942 сыл сэтинньи ыйга сэрии толоонугар охтубут,
көмүллүбүт сирэ биллибэт.
Буойун кэргэнэ оҕоломмотох, онон олоҕун сал-
гыыр оҕото-уруута, ыччата суох.
Окоемов, Н. Ытык сааһым ахтыылара / Николай Окоемов.— Дьокуускай, 2015.—
С. 98-99.
52

